Перевод с якутского
бырааттыы
даҕааһын, сыһыат, аат тыл
Нууччалыы братский, родственный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Ини-биилии; бииргэ төрөөбүт дьоннуу сыһыаннаах
Нууччалыы Братский, родственный
Түөрт бырааттыы дьон икки бастыҥнара Өрүүкээн уонна Күннэй диэннэр, иккиэн тоҕустуу ойоҕу тоҕус туос ураһаҕа илдьэ олороллор Саха фольк
2 даҕааһын #
Ыкса доҕордуу сыһыаннаах
Нууччалыы Братский, дружественный
Биһиги, хомуньуустар, киһи аймах бүтүннүү бырааттыы, доҕордуу буоларын туһугар, охсуһабыт. Амма Аччыгыйа Улуу нуучча омук норуота Бырааттыы илиитин ууммута, Унаар күөх аал уоппут буруота Былыттан тардыһар буолбута. Күннүк Уурастыырап Советскай Союз киин куората, Суол ыйар сулуһа - Москва, Сүүһүнэн бырааттыы норуоттар, Сахаттан эйиэхэ баһыыба! Эллэй
Өссө холобурдар (2)
Элбэх бырааттыыттан эһэ куттанар (өс хоһ.). Иван Друзьянов ойон турда: “Биһиги сэттэ бырааттыыбыт, иккибит күрүө аҥаардыыта, иккибит оһумуойдуу сирдээхпит. Оттон үспүт олох буора суох”. М. Доҕордуурап Аҕабыт, ийэбит атынын иһин, Ыллыыр-хоһуйар эппиэттээх дьыалаҕа Бары биир эт-хаан бырааттыыбыт биһи Эллэй
3 аат тыл #
суолт. Бииргэ төрөөбүт дьон; бииргэ төрөөбүт дьоннуу сыһыан
Нууччалыы Братья; братские отношения
4 сыһыат #
суолт. Бииргэ төрөөбүт дьоннуу (дьон курдук)
Нууччалыы По-братски, по-дружески
Сирэйдэринэн кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, дьэ онон бырааттыы буолуохтарын сөп бэлиэни киһи булан көрбөт. Эрилик Эристиин Ол көмүс кынаттаах көҥүлбүт. Инники илдьитэ күн дьону Биһиги бырааттыы көрсөрбүт, Үллэстэр буоларбыт сор-муҥун Эллэй
5 этии #
Нууччалыы Братская могила
Бырааттыы иин - сэриигэ эбэтэр туох эмэ уопсай сыал иһин охсуһууга өлбүттэр бииргэ көмүллүбүт сирдэрэ Бырааттыы иин үрдүгэр Бэргэһэлэрин устан, Төбүрүөннээн нөрүйдүлэр Үгүс кыһыл байыастар. Баал Хабырыыс Аҕыраада иһигэр Тунал маҥан обелиск баар, Бырааттыы иин үрдүгэр Кыһыл сулус умайар. И. Гоголев