ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бырастыы

ынырыы, аат тыл

Нууччалыы извините

English excuse me, forgive me, pardon me

Ис хоһооно · 4

1 #

саҥа алл

  • Ильич, бырастыы! Тулаайах хааллардыҥ!!! Соҕотох бэҕэһээ эн тыыннаах турарыҥ, Соргулаах суолбутун эн ыйар буоларыҥ.
    П. Ойуунускай
  • “Быдан бырастыы”, - диирбитигэр Буору үрдүгэр көмөргө, Аһыы сүрэҕи ыкпатаҕа, Харах уута сүүрбэтэҕэ. Эллэй. Өллүм даа өллүм, аан дойдум, аламай күнүм, аал уотум, аймах дьонум, бырастыыларыҥ
    М. Доҕордуурап

2 #

Бүтэһиктээхтик, үйэлэр тухары арахсарга этиллэр тыл (үксүгэр өлбүт эбэтэр өлөөрү сытар киһиэхэ)

Нууччалыы Прощай (говорится усопшему или говорит умирающий)

3 #

Олус уһун, эриирдээх-мускуурдаах, быһылааннаах, эргиллэн кэлэр соччо биллибэт суолугар бараары туран этиллэр тыл

Нууччалыы Прощай (говорится перед отправлением в длительный, рискованный путь, когда обратное возвращение не гарантировано)

  • Аан ийэ дайдым, Аламай маҥан күнүм, Алаһа бараан дьиэм, Аалыы көмүс кыымнаах Аал уотум - бука барыгыт Быдан дьылларга Быралыйа бырастыыларыҥ!
    П. Ойуунускай
  • Мин түһэрин түстүм да, күөрэйэрим биллибэт, барарын бардым да, эргийэрим биллибэт. Быдан бырастыыларыҥ!
    Саха фольк
  • Манчаары Баһылай тутуллан испитэ, Үөһэттэн таҥнары Ленатын көрбүтэ: “Алааһым бырастыы, Күн ийэм, бырастыы!”
    Т. Сметанин

4 #

Арахсарга, бараары туран этэр тыл

Нууччалыы Прощай (говорится при расставании на длительный срок)

  • Бырастыы, кэһиигин ыытаар. (Бырастыылаһар уонна бары таһырдьа атаара тахсаллар).
    А. Софронов
  • Бырастыыларыҥ, тойоттор! Көрсүөхпүт, оччоҕо дорооболоһуохпут хааннаах тимиринэн.
    Эрилик Эристиин
  • Бырастыы, эдэркээн саастаахпын, Мин, баҕар, иккистээн эргиллиэм.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. быраһаай

«Б» буукуба