Перевод с якутского
бырыы
аат тыл
Нууччалыы жидкое болото, топь
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Убаҕас бадараан
Нууччалыы Жидкое болото, топь
Көтөрүм онтон эбии үргэн, аҕыйахта туллаҥнатаат, миигин бырыыттан хостуу тардан ылла. Н. Заболоцкай Готовтаах аттара өрөҕөлөрүгэр тиийэ бүтүннүү бырыы буолан, киэһэ төннөн кэллилэр. Л. Попов Хааһы курдук бырыыга массыыналар сылдьыбыт суолларын устун мунньаҥныы-мунньаҥныы, газик иннин диэки сыыллар П. Егоров
2 аат тыл #
Күөл былыыга
Нууччалыы Ил (обычно озерный)
Күөх далай иччитэ Нэктэл тэллэхтээх, Бырыы сыттыктаах, Ньамах таҥастаах Күөх Боллох тойоҥҥо күндүлээтэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБу - бырыынан эмтиир Кэмпэндээйи куруорда И. Данилов
3 аат тыл #
, эргэр. Үстүү хаартынан оонньонор, отут биир харахха тахсыллар сүүйсүүлээх хаарты оонньуутун көрүҥэ
Нууччалыы “Три листика” (род азартной карточной игры)
Бырыы оонньоон сүүйтэрбит. Бырыыны, хаартыны батыһан, быстыбыт-ойдубут олохтоноллоро
Күндэ
4 этии #
Бырыы көҕөн (ө) түөлбэ - көҕөн арааһа Саха сиригэр бырыы көҕөнө сэдэх
Нууччалыы Серый селезень