Перевод с якутского
быттык
аат тыл
Нууччалыы пах.
English groin
1 аат тыл #
Кыыл, сүөһү, киһи атаҕын уонна иһин икки арда
Нууччалыы Пах. Ат, кымньыы нэмиллэх гыныытыгар быттыгынан таарыйтаран, икки кэлин атаҕынан тэбэн кууһуннарда да, иннин диэки соҕотохто түһэн кэбистэ. А. Федоров. Кыра ыт оҕото эһэ анныгар сылыпыс гыммыт уонна, улахан ыт сүбэлээбитин курдук, күүһэ баарынан уу быттыгыттан хаппыт. Далан. Ыттар, иччилэригэр эрдийэн, _ _ тайах арҕаһыгар, быттыгар түс да түс, түүтүн үргээн бурҕаҥнат да бурҕаҥнат буолтара. В. Яковлев
2 аат тыл #
Киэҥ сир кытыы, тоҕой, хоннох өттө, булуҥа, хомото
Нууччалыы Окраина, уголок обширной местности; залив озера, реки
Быйаҥнаах өлгөм сирэминэн Мыраан быттыгын симээбит, Уохтаах тымныы уйгунан, Ойбон кытаҕы дэбилиппит. С. Васильев Быттык. Киэҥник тарҕаммыт тиэрмин, булуҥ, култуук диэн өйдөбүллээх топонимикаҕа Багдарыын Сүлбэ
3 этии #
Быттыга кытарыар, иһэ лээһэйиэр диэри (аһаа) - олус тото (аһаа) Быттыгар быдараахтаах, хоонньугар оҕоойулаах түөлбэ - куруук көрдүүр, умналыыр эмээхсин. Старуха, которая всегда занимается выпрашиванием у людей чего-л
Нууччалыы Наесться до отвала