ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бытык

аат тыл

Нууччалыы усы и борода мужчины

English beard

1 аат тыл #

Эр киһи үөһээ уоһун үрдүнэн уонна сэҥийэтигэр үүнэр түү

Нууччалыы Усы и борода мужчины

  • Бытыгын хорунна. Хаар маҥан хойуу бытык. Уһун бытык.
  • Харыс бытык, Харчы сото, Сээркээн сэһэн, тойон эһэм! Ыраах да буолларгын ыксалаан, Суох да буолларгын чугаһаан, Түскэ сүбэлээ, Айылгыга алҕаа!
    А. Софронов
  • Ньарбай оҕонньор сэҥийэтигэр абыр-табыр үүммүт бытыгын тарбаҕынан таҥнары имэрийэ олордо.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Кини [Петровскай] дуоһуйбут астыммыт көрүҥнээҕэ. Тоҕой Сэлэ сыһыытын кэриччи көрө-көрө, туора үүннэрбит кыһыл бытыгын уһуктарын хардары-таары имэрийтэлээн кэбиһэр
    Л. Попов

2 этии #

Нууччалыы Аппетит разыгрался у кого-л

  • Бытыга умайбыт кэпс. - иҥсэтэ өрө көппүт; арыгыга астыммакка (ас кэмчи буолан топпокко, астыммакка хаалбыт) Бу эн бүгүн, Дьахтар күнүгэр, адьас харааччы иирэн сылдьаҕын дуу, тугуй дуу? Эбэтэр бытыгыҥ умайда дуу?
    ХС
  • Бытыга эрэ умайан хааллаҕа. "Кыым". Арыгы эрэйэн дьаабыламмыта буолуо. Сэгэриэм, кыраҕа топпот күтүр. Бытыга эрэ умайан хаалар.
    Н. Апросимов
  • Бытыгын быһа үктүөр диэри - наһаа улаханнык кырдьыахха диэри. Θ До глубокой старости. Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөтөх диэбиккэ дылы (өс. хоһ.). Бэл кини оннооҕор бытыгын быһа үктүөр диэри үчүгэйи куһаҕантан араарбакка, бу билигиҥҥэ диэри кэмсинэ сырыттаҕа. НС ОК. Бытыккын быһа үктүөххэр диэри бачыыҥка быатын сатаан бааммаккын.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Бытыгын тыытыма - кыыһырдыма, кыйахаама (үчүгэйи көрүөҥ суоҕа). Θ Не раздражай, не серди, не дразни кого-л. Кэбис ити киһи бытыгын тыытымаҥ, сүгүн олордуо суоҕа

3 этии #

Нууччалыы Усики ракообразных

  • Бигиир бытык - араактыҥылар бигээн билэр синньигэс, уһун, имигэс уорганнара Өрүс араагын харахтарын илин өттүттэн _ _ синньигэс уонна олус имигэс бытыктар тахсаллар. Бу - бигиир уонна сытыргыыр уорганнар. ББЕ З. Бытыктаах оҕонньор миф., эргэр. - Орто дойдуга (сиргэ) олорор, хараҕын көрдөҕүнэ ыарыыны, өлүүнү-сүтүүнү аҕалар кутуруктаах абааһы, кинини хараҕын көрдөрүмээри, Хаһыйаан сибэтиэй түүннэри-күнүстэри өтүйэнэн сүүскэ охсор, кини олунньу 29 күнүгэр эрэ, бэйэтин аатыгар, үс төгүл кэриэстэнээри тохтуу түһэр, оччоҕо Бытыктаах оҕонньор көрөр, онон ити курдук хонуктаах (високоснай) сылга өлүү-сүтүү, дьаҥ-дьаһах элбиир. Θ Демон с хвостом, живущий в Среднем мире (земле), приносящий разные болезни и бедствия, святой Касьян состоит сторожем при Бытыктаах оҕонньор (Бородатый старик), день и ночь ударяет молотом по его лбу, не позволяя ему, “смотреть”, ибо если “посмотрит”, то появляются болезни, от которых умирают люди, Касьян перестает бить молотом только в день своих именин (29 февраля) и лишь на короткое время; пока он три раза перекрестится, поэтому в високосном году бывает много болезней, хвори. Киит бытыга - күөх киит үөһээ сыҥааҕыттан үүнэн түһэр кытыылара бытырыыстаах олус элбэх имигэс муос пластинкалар. Θ Китовый ус. Күөх киит тииһэ суох кииттэргэ киирсэр. Кини үөһээ сыҥааҕыттан кытыылара бытырыыстаах сүрдээх үгүс имигэс муос пластинкалар - “киит бытыга” дэнээччилэр таҥнары намылыйаллар. ББЕ З. Силис бытыга - улахан силистэн эбэтэр силиргэхтэн тахсар сап курдук синньигэс силистэр. Θ Усики корней. Унньуула силис бытыга. ПЭК СЯЯ. Сулардыы бытык - чанчыктан иэдэс устун үүммүт бытык. Θ Бакенбарды. Будьуруйбут баттахтаах, икки сыҥааҕын батыһа сулардыы үүммүт көп бытыктаах киһи одууласта.
    Н. Заболоцкай
  • Сулардыы хойуу бытыктаахтар, Тырымнас уоттаах харахтаахтар, Кэтит дараҕар сарыннаахтар Куба геройдуу буойуттара, Хотой дойдутун уолаттара.
    И. Эртюков
  • Сэҥийэ бытыга - сэҥийэҕэ үүнэр бытык. Θ Борода. Кини [генерал] аллараа сэҥийэ бытыгын бириэйдэнэн баран, үөһээ уоһун бытыгын туора тарда үөрэппитэ, көтөн иһэр чыычаах кынатын курдук, таллайан көстөр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕонньор сэҥийэтин бытыга, маҥан сиэл сүүмэҕин курдук, түөһүгэр таҥнары намылыйбыт. Болот Боотур

«Б» буукуба