Перевод с якутского
бычалыт
бычалый диэнтэн дьаһ. туһ. Маппый - үлэтин-хамнаһын бүтэрбит киһи быһыытынан наҕылыйан олорон, хап-сабар үрүүмкэлэргэ арыгы кутан бычалыппыта. П. Аввакумов Хаһаайкалар - күнү көрүнньүк ыыппат санааламмыттар - лахааҥҥа, туустаах да буоллар, уу бычалытан таһааран, таҥас сууйан илигирэтэллэр. У. Нуолур Биир иһит арыгыны бычалытан таһааран остуол ортотугар туруоран кэбиспитэ. Н. Якутскай