ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быччай

туохтуур

Нууччалыы быть, казаться очень полным, выпуклым

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Тарпыттар тоҥ хатыыс балыгы, Таас миискэ арыынан быччайар.
    Эрилик Эристиин
  • Түгэх дьиэттэн дэлби тиритэн, Бу маччайан, хараҕа быччайан, Харах Сэмэн ласхайан тахсар. Дьуон Дьаҥылы. Кырдьаҕас Бүлүү халааннаан, сиикээн аайынан өрө сүүрдэн, сири-дойдуну бүтүннүүтүн уунан халыппыта. Туох баар күөл, үрэх бүтүннүү быччайбыта. “
    ХС

2 туохтуур #

Олус толору буолан, бүлтэйэн көһүн; бүлтэччи көр

Нууччалыы Быть, казаться очень полным, выпуклым; быть пучеглазым

3 туохтуур #

Оттомо суох туттан мээнэ сырыт, мэниктээ

Нууччалыы Шалить, пошаливать, быть неугомонным

  • Хайа, быччаҕаар, ханна быччайа сырыттыҥ? Биир ынаххын сиэн кэбистиҥ дуо, түөкүттэргэ илдьэн биэрдиҥ дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Сытыары - сымнаҕас уолга дылы этэ, эчи кыыла турбута, быччайбыта сүрдээх.
    Болот Боотур
  • Бу иэдээни! Баҕайы ол быччайа сылдьан, хоолдьугун тосту түстэҕинэ, бар дьон аны биһигини буруйдуу сылдьыахтара
    И. Гоголев

«Б» буукуба