ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыбар

аат тыл

Нууччалыы выборы.

English election

1 аат тыл #

Куоластааһын ыытан депутаттары, дуоһунастаах дьону, тэрилтэ чилиэннэрин талыы

Нууччалыы Выборы. Сорох улуустарга быыбары саҥардыы ыытан эрдэхпитинэ, сэрии туран мэһэйдээн кэбистэ. Суорун Омоллоон. Урут Петрова сэкирэтээринэн үлэлээбитэ, онтон саҥа быыбар барарыгар Ананий Данилович Золотовскайы талбыттара. М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Дуоһунаска талыллан олоруу кэмин устата

Нууччалыы Определенное время, в течение которого работает избранный на должность работник

  • Эн райпо бэрэссэдээтэлинэн үһүс быыбаргын олороҕун дии. “
    ХС

3 аат тыл #

Туох эмэ талыыта, бастыҥа, чулуута

Нууччалыы Лучший из лучших

  • Кыра көтөрдөр Кый-бырах куоппуттар, Орто соҕус көтөрдөр Олорон хаалбыттар, Быыбар көтөрдөр Быыһыы түспүттэр, Күүстээх көтөрдөр Көмүскээн ылбыттар.
    С. Васильев
  • Кулан аарык быарыктаах быыбара буолбут улуу күөл кулуһунун кумалыы туппут курдук - ийэ куорчах таҥаспын түһэрдим! ПЭК ОНЛЯ II

«Б» буукуба