ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыра

аат тыл

Нууччалыы в древности: метательное оружие (боевое и охотничье); короткое копье (дротик), стрела или большой нож

1 аат тыл #

, эргэр. Былыр сэриигэ киһини эбэтэр булду дьөлө быраҕан өлөрөр сэп: кылгас үҥүү, эбэтэр улахан быһах

Нууччалыы В древности: метательное оружие (боевое и охотничье); короткое копье (дротик), стрела или большой нож

  • Үрүҥ Уоланы Кустук курдук Куоһатан кэбистэ, Быыра курдук Быһыылатта, Ох курдук оҥортордо.
    П. Ойуунускай
  • Умуннум быһыылаах хабылык хабарбытын, Умуннум быһыылаах быыра быраҕарбытын.
    Л. Попов
  • Бырахпыт быыратааҕар быдан түргэнник ойон унаарытан истэ
    С. Васильев

2 этии #

Быыра быһах эргэр. - былыр булду эбэтэр өстөөҕү дьөлө быраҕан өлөрөргө туттуллар улахан быһах Кыыра Кыстай хатын обургу, быыра быһаххын аргыстаһан, чохороон сүгэҕин доҕордоһон - кыа хааны үктэллэнэн хара хааны моойторуктанан бэттэх көрөн мичиҥнээн көр! Саха фольк. Быыра бытык - хараҥаччы кутуругун курдук тыраҕастаан тарааммыт бытык (уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэни ойуулуур эпитет). Борода, похожая на хвост ласточки (эпитет, живописующий духа огня Хатан Тэмиэрийэ). Аал уот иччитэ Быыра бытык, Хатан Тэмиэрийэ, Түүнүк төбө, күөнэ көччөҕөр, Аан уххан, тойон эһэм! - Бултуу тахсар күммэр - көрдөстүм. Саха нар. ыр. II

Нууччалыы В старину: большой метательный нож, применявшийся на охоте и на войне

«Б» буукуба