ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быһычча

аат тыл

Нууччалыы ножик, ножичек, маленький ножик

аат тыл

Аччыгый, кыра быһах

Нууччалыы Ножик, ножичек, маленький ножик

  • Лэглээриннэр үһүс уоллара - түөртээх Сэмэнчик, ардьаахтан тымтык ылан оонньоору, олох маска салҕанан, молуй быһыччатынан ууналыы турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмпэ үрдүгэр хойуу талах уга үүнэн сэкирийэн турарын көрөн сытыы быһыччабын сулбу тардан ылаат, бу талаҕы кыдыйан киирэн бардым.
    Н. Заболоцкай
  • Өттүкпүттэн быһыччабын ыллым. Салаалаах мутугу ылан аҥаар ойун уһун, аҥаарын кылгас гына “күөгү” оҥордум.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. быһыйа

«Б» буукуба