ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэбээр

туохтуур

Нууччалыы сильно кричать, плакать

1 туохтуур #

Улаханнык ытаа, сарылаа (кыһыл оҕо туһунан)

Нууччалыы Сильно кричать, плакать (о грудном ребенке)

  • Тэрэнтэй суорҕаҥҥа сууламмыт, ытаан бэбээрэр кыһыл оҕону көтөхпүтүнэн, көлүллэн бэлэм турар хара ат сыарҕатыгар олоро охсоот, дьиэтин диэки куйаардыбыт.
    Л. Попов
  • Арай үтүлүктээх бэргэһэбин устуом икки ардыгар кыһыл оҕо саҥата бэбээрэ түстэ.
    В. Ойуурускай
  • Маарыйа суорҕаҥҥа сууламмыт ытаан бэбээрэр быыкаайык оҕотун санаата. “
    ХС

2 туохтуур #

Тохтобула суох улаханнык саҥар (курупааскы, мэкчиргэ о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Громко и непрерывно бебекать (о куропатках, совах и т. д.)

  • Кини чугаһаан истэҕин аайы, курупааскылар бэбээрэ күлбүтүнэн, өрө көтөн тахсан истилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыа саҕатыгар хабдьы баҕадьы, этиһэн эрэр тыллаах дьахтар курдук, өрүскэлэспиттии бэбээрэр. Софр. Данилов. Сытарбытын аҕай кытта хайа үрдүгэр мэкчиргэ бэбээрбитэ. Сотору соҕус иккиһин бэбээрбитэ. Онтон үсүһүн
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Күүскэ уһуннук гудуоктаа (хол., массыына гудуогунан)

Нууччалыы Сильно и длинно гудеть (напр., гудком автомашины)

  • Бастаан үлэҕэ барааччы сатыы дьон айдааннара намырыйыыта автомобиллар мотуордара биигинэстилэр, гудуоктара тиэтэйэн бэбээрдилэр. Софр. Данилов. Бириэмэм миэнэ бүттэ быһыылаах, барар массыынам ыҥыран бэбээрдэ
    М. Тимофеев

«Б» буукуба