Перевод с якутского
бэдэрээтчит
аат тыл
Нууччалыы подрядчик.
1 аат тыл #
Бэдэрээттэһэн үлэлиир тэрилтэ, биригээдэ
Нууччалыы Подрядчик. (организация, бригада)
Маҥнай тутууну ыытар бэдэрээтчит көстүбэккэ эрэйдээбитэ, онтон, ол-бу тутуу матырыйаала суох буолан, улахан атахтаныылар тахсыталыы сылдьыбыттара. В. Яковлев Көрүдүөргэ Мылахов Владимир Ниловиһы көрөөт, саҥа аллайа түстэ: “Эҕэрдэ, атас! Хайа, бэдэрээтчиттэр, төһө бэркэ олороҕут?”.
Н. Лугинов[Быйыл] бэдэрээтчиттэрбит биэс уон миэстэлээх балыыһа дьиэтин ситэрэргэ кыһаналлар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ардахтатан нүөлсүтүллэр Нуучча кытылын объега, бэдэрээтчит гарантиялыыр суругар олоҕуран, туһаҕа бэриллибит. “ Кыым
2 аат тыл #
Бэдэрээккэ кэпсэтэн үлэлии сылдьар киһи (дьон)
Нууччалыы Подрядчик
Бэҕэһээ түүн, өлө утуйа сыттахтарына, икки ыҥыыр аттаах киһи тиийэн кэлбиттэрэ. Арыы, сүөһү хомуйа сылдьар айан атыыһыттарабыт, тайҕа кинээһин бэдэрээтчиттэрэбит диэбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап Аттаах дьон тайҕаҕа олохтоох Тиэхэнэп диэн саха баайын бэдэрээтчиттэрэ эбиттэр. Н. Якутскай Улахан бэдэрээтчит баай Байбааскы хаарты тутар дьиэтигэр Кууһума киирэн кэллэ Н. Павлов