Перевод с якутского
бэргэһэ
аат тыл
Нууччалыы шапка
English hat, cap
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи төбөтүгэр (үксүгэр тымныыттан, күн уотуттан о. д. а. харыстанан) кэтэр таҥаһа (араас быһыылаах буолар, араас матырыйаалтан тигиллэр)
Нууччалыы Шапка (головной убор)
Куобах бэргэһэ. Тугут бэргэһэ. Саһыл бэргэһэ. Силип Лааһарап бэйэтинэн уһун таба саҕынньаҕы сайбаччы кэтэн, эргэрбит бэдэр бэргэһэни кыҥначчы уурунан баран, үрдүттэн өҥөйөн турар эбит. Амма Аччыгыйа Өксүү букатын кыра эрдэҕиттэн истээх таҥаһы тигэргэ үөрүйэх буолан, итии сэлиэччик, үтүлүк, бэргэһэ тигиитин сатыыр ахан дьыалата буолан биэрбитэ Н. Заболоцкай
2 аат тыл #
Эр-ойох буолбуту бигэргэтэр христианскай итэҕэл туома (мэнньиэһи кэтэрдии)
Нууччалыы Обряд венчания
Аны бэргэһэлээх сокуоннай эрдээхпин. А. Софронов Киһи бэргэһэлээх ойоҕо буолан бараҥҥын, туора киһини көрдөҕүҥ аайы ытыы-соҥуу сылдьыаҥ дуо? Амма Аччыгыйа
3 этии #
Нууччалыы Шапка его (черта) была открыта - так говорили раньше в виде предостережения, когда кто-л. высказывался вслух против суеверных предрассудков
Бэргэһэтэ аһаҕас этэ эргэр. - итэҕэли утары улаханнык этимэ: абааһы кулгааҕа чуор, бэргэһэтин кулгааҕа бааллыбатах (аһаҕас) киһи курдук истэр Тиис бэргэһэтэ буол (оҥоһун) - мэлдьи, тохтобула суох мөҕүлүн, үөҕүлүн, хомурулун (киһи туһунан); сиэ, сиэн кэбис (адьырҕа кыыл, абааһы туһунан). Θ Постоянно ругать, бранить, порицать кого-л. Биэс тииһим бэргэһэтэ буолар биэбэйиктэрим оҕото биирдэ охсору, биирдэ тэбэри тулуйбат буолан баран тумустара туустаах.
П. Ойуунускай[Кыыллар] арсыын усталаах адьырҕа аһыытын бэргэһэтэ буоллахпыт диэннэр, балай да буоллар утарылаһан өлөөрүлэр ырдьыгынаһа түһээхтииллэр. Д. Апросимов Бэйэтин даҕаны [Харытыананы] ким сүрэҕэлдьээбэтэх эрэ бука барылара атах тэпсиитэ, илии соттуута, тыл-тиис бэргэһэтэ оҥостоллоро. П. Ойуунускай
4 этии #
Нууччалыы Ухо, уши (зимней шапки)
Бэргэһэ кулгааҕа (сыҥааҕа) - кыһыҥҥы бэргэһэ ойоҕосторуттан аллара түһэр кулгааҕы, иэдэстэри, сыҥааҕы сабарга аналлаах өттүлэрэ Настя кырса тыһа бэргэһэтин кулгааҕын сэгэтэн иһиллээн көрөр. Н. Якутскай Бэргэһэ харын - сылгы ханнын салаата. Θ Часть желудка. Сүөһүлэрин бэргэһэ ханнын быһан ыллылар. Дьабака бэргэһэ - чанчыгын сиигэ уонна оҥуута суох үргүлдьү түһэр кулгаахтаах, үөһээ өттүгэр чопчуурдаах, истэри-тастары тириинэн тигиллэр дьахтар былыргы бэргэһэтэ. Θ Старинная якутская женская меховая (изнутри и снаружи) шапка с высоким верхом из сукна или другого хорошего материала. Умайар кылааннаах уу буобурата Үрдүк нуоҕай дьабака бэргэһэтин Үстэ сүгүрүйбүтүнэн кэлэн Иннигэр аҕалан иҥиһэхтии ууран кэбистэ.
П. ОйуунускайДьаагарбах такайбыт, Эриэккэс илии тикпит Хаҥ дьабака бэргэһэ Ханыыланан бүппүтэ үһү, Доҕоттоор!... С. Зверев
Өссө холобурдар (4)
Дьорбуоҥка (дьормуолка) бэргэһэ - силииндирдии быһыылаах таҥаһынан бүрүллүбүт түүлээх бэргэһэ. Θ Ермолка. Хара саһыл тыһа оройдоох, уу буобурата тулалаах эр киһи дьорбуоҥка бэргэһэтэ баарын ылан, Дэлиһиэй кэтэн көрдө. Эрилик Эристиин Чомпой бэргэһэ - үргүлдьү барар кулгаахтаах халпаакка маарынныыр хороҕор оройдоох кыһыҥҥы бэргэһэ. Θ Высокая зимняя шапка, похожая на чепец с высокой макушкой и с наушниками. Чомпой бэргэһэлээх, атах сыгынньах эмээхсин биһиктээх оҕону биэбэйдии барда. Н. Неустроев Уулаах Уйбаан илдьирийбит эргэ ырбаахытын, дьирим курунан ыга тардыммыт, оройунан тобуллубут чомпой бэргэһэни сүүһүн диэки умса ууруммут. Эрилик Эристиин [От тиэйээччи] чомпой бэргэһэтин тууна бааммыт, суккун соннооҕун бүүрэ курдаммыт