ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэрик

аат тыл

Нууччалыы взятка. [Манчаары:] Бэйэтэ буоллаҕына, бэрик бөҕөнү биэрэн, түүлээх бөҕөнү түҥэтэлээн туран, миигин түбэһиннэрбитэ

English bribe

1 аат тыл #

Сокуон бобор дьайыытын оҥортороору дуоһунастаах киһиэхэ харчынан эбэтэр малынан бэриллэр манньа

Нууччалыы Взятка. [Манчаары:] Бэйэтэ буоллаҕына, бэрик бөҕөнү биэрэн, түүлээх бөҕөнү түҥэтэлээн туран, миигин түбэһиннэрбитэ

  • Куоратынан, үрдүкү суутунан эргитиһэн, ороскуотун, хоромньутун, бэригин-туһаҕын кэрийбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Колчак кэмигэр икки уолун иккиэннэрин сэриигэ саллаатынан тутан бараары гыммыттарыгар, Юшмин ыстаарыстаҕа биир байтаһын ынаҕы бэрик биэрэн, уолаттарын сэриигэ ыыттарбатаҕа
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Араас иччилэргэ, абааһыларга бэриллэр бытархай мал-сал, манньа; кэрэх эбэтэр хааннаах сиэртибэ (олоҥхоҕо)

Нууччалыы Дары, подношения мелкими вещами разным духам (местности, дороги и т. п.); кровавая жертва скотом злым духам (обряд шаманизма); жертва духу войны (в олонхо)

  • Ньургун Боотур үрүҥ көмүс кураахтаах бэргэһэтин кэҕис гыннаран, үҥүүлээх бэригин үстэ өрө анньар.
    П. Ойуунускай
  • Салама бөҕө ыйаммыт, бэрик бөҕө бэриллибит барҕа баай мас анныгар киппэтик оҥоһуллубут отуу дьардьамата турара.
    Л. Попов
  • Бэрик-бэлэх ханна барбыта - үөһээ дуу, аллараа дуу куочайыттан биллэр. “
    Чолбон

«Б» буукуба