ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэспиирэ

аат тыл

Нууччалыы просвира

аат тыл

, итэҕ., эргэр. Православнай таҥара дьиэтин сорох сиэрин-туомун (хол., таҥараҕа тиксиини) ыытарга туттуллар үрүҥ бурдуктан оҥоһуллубут кыра төгүрүк килиэп ас

Нууччалыы Просвира

  • Аҕабыыт кыра холуочук быһыылаах. Дьоҥҥо илиитин ууратар. Бырдаахапка бэспиирэ биэрэр.
    Н. Неустроев
  • Таҥара анныгар орон үрдүгэр төгүрүк остуолга тэриэлкэҕэ кириэстии оҥоһуллубут алаадьы, туус, саахар, хас да бэспиирэ уонна чааскылаах чэй турар.
    Эрилик Эристиин
  • [Саня] өҥүрүк куйааска дьадаҥы ыаллар оҕолоро оонньуу кэллэхтэринэ, сэлиэһинэй халаачыгын, ватрушканы, дьаарысса килиэбин, атын суох буоллаҕына, кистии-саба таҥара бэспиирэтин да таһааран амсатара.
    КДВ ПБ

«Б» буукуба