Перевод с якутского
бэттэх
сыһыат, кэнники тыл
Нууччалыы на этой стороне; сюда, близко, ближе. [Эписиэр:] Бырааттар, эһиги кэлиҥ эрэ бэттэх
1 сыһыат #
Бу диэки өттө, чугас өттө; чугас, манна
Нууччалыы На этой стороне; сюда, близко, ближе. [Эписиэр:] Бырааттар, эһиги кэлиҥ эрэ бэттэх
Эһиги Сэпсики уонна остуорас Охоноос диэни билэҕит дуо?
Күндэ"Бэттэх кэл!.. Ити устуулга олор!" - мин киниэхэ тимир-тамыр курдук эттим. Н. Якутскай Егор Артемьевич толоостук кыыһыран көбдьүөрэ түстэ: “Ира, кэл эрэ бэттэх! Тоҕо мэлдьи кыыһыраҕын?!” А. Федоров
2 сыһыат #
дьөһ. суолт. Миэстэ, хайысха суолталаах ааттары таһаарыы түһүккэ салайан, хайааһын бэтэрээ өттүгэр буоларын, саҕаламмыт кыраныыссатын көрдөрөр
Нууччалыы Управляя исходным падежом пространственных имен, употребляется при обозначении предмета, по ту сторону которого распространяется действие
Куораттан бэттэх кими да көрсүбэтим. Охотскайтан бэттэх табалары-аттары биир сыарҕаҕа тиэллэн киирдим. Амма Аччыгыйа Ити оттон бэттэх лэппэгэр баттахтаах кыыһы көрөҕүн дуо? Иккиһэ ачыкылаах
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (5)
Алта уонус сыллартан бэттэх саха литературатын атын бырааттыы литературалары кытта хардарыта сибээһэ биллэрдик кэҥээтэ. ОГГ СМ. Чаппа уола аҕыйах хонуктан бэттэх баар-суох баайын, түөртээх соноҕоһу айааһаан дьэргэтэн сылдьар. Амма Аччыгыйа Итинтэн бэттэх нарыммыт Илэ баачы уларыйда. Күннүк Уурастыырап Кини саҥардыыттан бэттэх күн аайы, арыт өрүү-өрүү даҕаны, сонун истэ сугулааҥҥа барар. А. Бэрияк Лааппытын, табаарын, ыскылааттаах аһын өрөпкүөм былдьыаҕыттан бэттэх Сараапап атыыһыт дьиэтиттэн быкпакка олордо. Н. Якутскай Бу оҕонньор ыалдьыаҕыттан бэттэх олох өй-мэй буолан хаалла И. Данилов
3 сыһыат #
Бириэмэ суолталаах ааттары кытта хайааһын саҕаламмыт уонна билиҥҥэ дылы буолар кэмин ыйарга туттуллар, аат тыллары, солбуйар ааттары, ааттыйбыт даҕааһыннары, аат туохтуурдары таһаарыы түһүккэ салайар
Нууччалыы Употребляется при обозначении начала времени, продолжающегося до момента речи, управляет исходным падежом существительных, местоимений, субстантивированных прилагательных и причастий