ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүрэ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы неприметный, неказистый

1 даҕааһын #

Тас дьүһүнүнэн көстүүтэ, көрүҥэ суох, кыраһыабай буолбатах

Нууччалыы Неприметный, неказистый

  • Буокай оҕонньор үтүөтэ көстөр дьүһүнүгэр буолбатах, бакыгыр уҥуохтаах, бүрэ киһи.
    А. Сыромятникова
  • Түҥкэтэх үрэх баһыттан киирбит киһиэхэ бу да бүрэ куорат сэнэх дьүһүннээххэ дылы.
    И. Гоголев
  • [Кириллин] тас көстүүтүнэн даҕаны бүрэ, хара бараан киһи
    Л. Попов

2 аат тыл #

суолт. Биллибэт-көстүбэт тас көрүҥ, харахха быраҕыллыбат, кыраһыабайа суох тас көрүҥ

Нууччалыы Неказистый, неприметный внешний вид. [Тамара] бэрт сытыары-сымнаҕас, чуумпу майгыннаах кыыс ол бэйэтин бүрэтигэр бүүтүйэлэнэн улаатан испитэ

  • Куһаҕаҥҥа, бүрэҕэ туох эмэ дьүөрэтэ суох үчүгэй баарын ураанай туоһахтатыгар холууллар. КНЗ СПДьНь. Ийэлээх Өрүүнэтэ одуулаан тураллара. Биирдэрэ - дьоҕуһа, бүрэтэ, хараҕыттан сүтэримээри чарапчыланан көрө сатыыра
    Н. Кондаков

«Б» буукуба