Перевод с якутского
бүөр
аат тыл
Нууччалыы почка
English kidney
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
, анат
Бүөр сыата. Бүөр соркуойа. Туох туһуттан Икки үллэр бүөрбүн Иэним этэ көстүөр дылы Кутаа уот тыыҥҥынан Кубарыччы салаттыҥ?
П. ОйуунускайБу киэһэ Силтэһиннээххэ улахан үөрүү буолла: аҕалара былах сохсолорун кэрийэн, икки бүтэй бүөрдээх курун куобаҕын аҕалбыта. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Баҕа таһаарар органнарын этин-сиинин көҥдөйүгэр тоноҕоһун икки өттүнэн сытар ньолбуһах бүөрдэрэ буолаллар. ББЕ З
2 аат тыл #
Киһи уонна сис тоноҕостоох харамайдар ииктэрэ үөскүүр уорганнара
Нууччалыы Почки (часть организма)
3 аат тыл #
Улахан күөлгэ эбэтэр үрэххэ кэккэлэһэ сытар кыра күөл
Нууччалыы Меньшее из двух близлежащих озер или озеро, расположенное недалеко от реки (но не старица). ”Бэдээйи” мындаархай көхсүгэр Сүүһүнэн сүөһүлэр туолбуттар, Хотугу улахан бүөрүгэр Уонунан бэт дьиэлэр турбуттар
Күөл соҕуруу бүөрүнэн наһаа дьаратыйда, быйыл сайын сыыс оттонно. Болот Боотур Үрэх бүөрүн кэтэх өттө лаглаҕар лабаалаах хойуу хатыҥ мастар былыргы хотун дьахталлар хаамсан хотолдьуһан иһэллэрин курдук, налыһан, намылыһан, тураллар В. Протодьяконов
4 аат тыл #
биол. Үүнээйи сибэккитин, сэбирдэҕин, үнүгэһин үөскэҕэ
Нууччалыы Почка (зачаток цветка, листка или побега)
Эмис буорга түһэн тиллэр төрөл көмүс сиэмэ. Ыраас, сырдык ача үүнэр, атар лабаа бүөрэ. С. Данилов Хамныы-хамныы хатыҥ бүөрэ тыыннаах курдук тыллара, сүүтүк саҕа сибэккигэ мүөччүт түһэн ааһара. “ ХС
5 аат тыл #
Араас тимир, алтан киэргэллэр (үксүгэр ойуун таҥаһын кыаһаанын туһунан)
Нууччалыы Различные металлические украшения - подвески (обычно о подвесках шаманского костюма)
6 аат тыл #
Туох эмэ тутуу, тэрил, массыына ойоҕоһун ортото
Нууччалыы Середина боковой стороны чего-л
Фашист буомбаһытын икки үллэр бүөрүттэн кып-кыһыл уоттар дьааттаах тыл курдук чороҥолостулар. Амма Аччыгыйа Бүөрдэрин ортотунан, бүүчээн хараҕын курдук, мууһунан чаҥкыччы көрбүт түннүктэрдээх, буор сыбахтаах икки балаҕан самнаһан тураллар. Болот Боотур Биирдэ көрбүтэ, иккис “тигр” эргиллээри гынан эрэр эбит, Гавриил ону үллэр бүөрүн көрөн баран эмиэ тардан кэбиһэр А. Данилов
7 этии #
Балык бүөрэ - ойуун кумутун киэргэлэ: 65 см туоралаах алтан төгүрүк. Чуолҕаннар (көр) икки ардыларынан санныга тигиллэр Привешивают к плечу шаманского костюма между чуолҕан (см.). Кулан бүөр - ойуун таҥаһын көхсүгэр тигиллэр төгүрүк киэргэл. Круглая подвеска на спине шаманского костюма. Тэргэн бүөрэ - ойуун кумутун киэргэлэ: икки алтан төгүрүк, бүөр туһунан тигиллэр. Два медных кружка, привешиваемых на талии шаманского костюма
Нууччалыы Медный кружок 65 см в диаметре
8 этии #
Нууччалыы Надпочечники
Этиилэр
Бүөр баттанан көр өттүк баттанан
[Эписиэр:] Били таһырдьа өлбүт абааһылары бу дьиэҕэ хомуйан киллэриҥ эрэ! (бэйэтэ бүөр баттанан баран табаҕын тарда турда).
КүндэКиһи үтүөтүн-өҥөтүн сиргэ-буорга тэпсибэт дьоммут, - диэбитэ Бүөтчээн, бүөр баттанан олорон. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. бөгөр, бөйөр, бөйүр; п. -м. бегери