ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бөрө

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы волк.

English wolf

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Үксүн сур дьүһүннээх, эһэни эрэ аннынан күүстээх, сиэмэҕин уонна тириитин иһин бултанар ыттыы быһыылаах адьырҕа

Нууччалыы Волк. Сур бөрө. Торҕон бөрө. Өлүү болдьохтоох, ол түүн торҕоннообут бөрөлөр икки табабытын тутан сиэн кэбиспиттэрэ. А. Кривошапкин (тылб.). Ырааҕынан уларыйа сылдьан үөр бөрөлөр улуйан онолуһаллар. Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Олус иҥсэлээх, дьонтон былдьыырын, дьону халыырын кэрэйбэт киһи

Нууччалыы Человек хищнической морали, готовый обирать, грабить других ради наживы, личной выгоды

  • Аны сүүрбэ сылынан_ _ норуоппут бука барыта кооперацияҕа холбоһуоҕа. Оччоҕо биир да чааһынай атыыһыты, баһаар курдьаҕаларын, куорат торҕон бөрөлөрүн уотунан да көрдөөн булуохпут суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Ол ымырыкааннары биһиги эппитинэн-хааммытынан билбит бөрөлөрбүт
    И. Бочкарев
  • Ленин баар эбэҥки норуотун Имниин эстииттэн быыһаабыт, Соллоҥноох сур бөрө тойоту Туундара ньууруттан суйдаабыт
    Эллэй
Өссө холобурдар (1)
  • Бөрө тириитинэн тигиллибит, оҥоһуллубут. Θ Изготовленный, сшитый из волчьей шкуры, меха. Бөрө саҕынньах. Тюрк. бөрү

3 даҕааһын #

суолт. Бөрө дьүһүнэ дьүһүннээх эбэтэр Бөрөлүү сигилилээх

Нууччалыы Имеющий волчий облик, образ или волчью, хищническую мораль. [Оноҕочоон Чоохоон] икки баай ыаллардаах үһү, баай Хара Хаан диэн уонна биэс бөрө уолаттардаах удаҕан

4 этии #

Бөрө (бөрөҥ) тириитин кэт - киһиэхэ, дьоҥҥо киһилии сыһыаннаспат курдук майгылан, наһаа кырыктан "Ити туох буруйдаах оҕону оҕустуҥ? Эмиэ бөрөтүн тириитин кэтэн кэлбит ээ", - кэргэнэ уолун көмүскэһэр. "ХС". Бөрө эмэһэтэ кэпс., - истибитин иҥиннэрбэт, эбэ-эбэ кэпсиир киһи; аһаҕас айахтаах киһи. Человек, не умеющий хранить тайну, крайне болтливый. Ээ, бөрө эмэһэтэ, күөртээҥий! ПЭК СЯЯ

Нууччалыы Становиться крайне злым, беспощадным к людям

5 этии #

Бөрө сиэнэ - ыт бөрөнү кытта булкуспутуттан төрөөбүт ыт Кини бөрө сиэнин ииппит. Бөрө тумса - түөрт сулустаах бөлөх сулус. Созвездие из четырех звезд. Бөрө тумса ордук чаҕылыйан көстүбүт

Нууччалыы Смесь собаки с волком

«Б» буукуба