Перевод с якутского
бөт
туохтуур
Нууччалыы непроизвольно издавать гортанью короткие отрывистые звуки, вызываемые судорожным сокращением диафрагмы; икать
English hiccup
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Бэйэҥ өйдөөбөккүнэн эмискэ-эмискэ “ык” гына саҥа таһааран тыын
Нууччалыы Непроизвольно издавать гортанью короткие отрывистые звуки, вызываемые судорожным сокращением диафрагмы; икать
Борукуоппай, атаҕын халаачыктыы ууран олорон, табаҕын буруотун ыйыстан, дириҥ үлүгэрдик лык гына бөтөн ылла. Күннүк Уурастыырап "Мин, кырдьык, баайбын, улахан атыыһыппын", - Сылластыгас бөтөн лыгыргыыр Н. Якутскай
2 туохтуур #
Үлэлии туран, туохха эмэ бүөлэтэн, харан, иҥнэн, тохтоо, бобулун
Нууччалыы Неожиданно переставать работать, действовать, встречая какое-л. препятствие, помеху; приостанавливаться, глохнуть
Мин хотуурум сороҕор_ _ хойуу оту кыайан уҥуордаабакка бөтөн хаалара. Далан Мотуор, бөтө-бөтө битигирээмэхтээн баран, тохтоон хаалла. Л. Попов Бүлүмүөт, бөтөн көрбөккө, Ытыалаан тибийэрэ Эллэй
Өссө холобурдар (1)
Туохха эмэ бүөлэтэн түргэнник кыайан тыыныма. Θ Испытывать затруднение в дыхании, захлебываться при беге (напр., от плотности воздуха и др.) Быыкаатык да сүүрдэххинэ, хойуу салгыҥҥа бөтөҥҥүн, тыыныҥ хаайтараары ыксатар. “ Кыым
3 туохтуур #
Күүһүҥ баранан тохтоо, харгытаа, кэҕин
Нууччалыы Приостанавливаться, прекращаться, теряя силу; захлебываться (напр., о военном наступлении)
Ханна өстөөх төгүрүктэнэр, кимэн киирии бөтөр да, онно Сталинград гвардеецтара син биир баар буола охсоллоро. А. Данилов Уо, умнуом дуо ама, алҕаһаан Эйиигин [ыты] дэҥнээбит айыыбын! Кытылтан сара кус лаһыйан Көлүйэ үөһүгэр дайбытын, Саам тыаһа салгыҥҥа бөппүтүн, - Сарылыы, кылана түспүккүн! М. Тимофеев ан эмэ тууйуллан кыайан тахсыбат, эппэт буол; уурай, кэҕин. (хол., ырыаһыт ырыатын этэргэ). [Назым Хикмет] Тыыҥҥын хаайар хандалыга Көҥүл куолаһыҥ бөппөтө. Эллэй. Түксү, өссө элбэҕи этиэхпин Бөрүөм бөттө. Поэт буоламмын сүрэҕим тулуппат Дьуон Дьаҥылы
4 туохтуур #
Улаханнык долгуйан, хараастан, саҥаран иһэн харан хаал, кыайан этимэ (үксүн сыһ. туохт. ф-гар тут-лар)
Нууччалыы Захлебываться, произнося слова, от прилива чувств (обычно горьких - употр. в основном в ф. деепр.)
Ол кыыс оҕону аһынным даҕаны, таптаатым даҕаны... Хараастан хааллым, бөтөн олордум. Саҥарыах баар буолуо дуо?!
П. Ойуунускай"Тоҕо хоргуппат буолуохпунуй? ... Мин эйигин хайдах курдук таптыыр этибиний?" - диэн баран, мин салгыы тугу да кыайан этиэ суох курдук бөтөн харан хааллым. Эрилик Эристиин Кэтириис, хараҕын уутугар бөтөн, кыайан саҥарбата. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Октябрина кэнники тылларын бөтө-бөтө нэһиилэ таһаарда уонна, эргиллэ түһээт, дьиэтин диэки күүһэ баарынан сүүрэ турда М. Попов
5 туохтуур #
Дуоһуйуоххар диэри аһаа, тугу эмэ элбэхтик сиэн сөп буол
Нууччалыы Наедаться чем-л. вдоволь, насыщаться
Орто аан дойдум олоҕо Оһоллоох уйата долгуйар Хааннаах дапсыыр турдаҕына, хаантан харбат, бөлүөхтэн бөппөт Күрсэр илбис сүлүһүннэммит, Күлэр эмэгэт күүстэммит Охсор обот уот болотунан Оонньуур болуо сүрэхтиэм дуо?! Ньургун Боотур
6 этии #
Нууччалыы Жить в полном достатке, изобилии
Хойуугар бөт, убаҕаскар чачай фольк. - олус баайдык, байылыаттык олор, уйгу олохтоох буол Хотуннуун-тойоннуун Хойууларыгар бөппүттэр, Уоллуун-кыыстыын Убаҕастарыгар чачайбыттар.
П. Ойуунускай"Убаҕаскытыгар чачайыҥ, хойуугутугар бөтүҥ!" - диэтилэр барылара. Саха фольк Ср. др. -тюрк. бөк 'наедаться'