ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бөтөс

аат тыл

Нууччалыы молодой человек, полагающийся в своих поступках большей частью на свою физическую силу и энергию; молодчик

1 аат тыл #

Күүһүн-уоҕун эрэ эрэнэр харса-хабыра суох эбэтэр дохсун эдэр киһи

Нууччалыы Молодой человек, полагающийся в своих поступках большей частью на свою физическую силу и энергию; молодчик

  • Оройдорунан көрбүт, чолоруспут эдэр бөтөстөр Байанайы тараччы тутан илдьэн, көмүлүөк оһох кэҥэс холумтаныгар умса бырахтылар.
    П. Филиппов
  • "Ону киирэн өлөрөн тахсыахха буоллаҕа дии”, - дэһэллэр хас да бөтөстөр.
    Н. Якутскай
  • Кинилэр кыраҕа тойон, улахаҥҥа утары, үөрэххэ кыһаллыбат, үлэҕэ умсугуйбат бөтөстөр үһү
    И. Данилов

2 аат тыл #

Чобуо-дьорҕоот эбэтэр мэник, дьээбэ уол оҕо

Нууччалыы Мальчик, бойкий и смелый или шальной, задорный

  • Гуля Маркова уончалаах уола_ _ чобуо бөтөс, сүүрэн кэлэн, мустубут дьону тула эргийдэ.
    Н. Габышев
  • Оччолорго кини хороччу улаатан эрэр бэрт сытыы-хотуу, үөрэҕэр олус хомоҕой, суһаллык ылынымтыа бөтөсчөөн этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Биһиги даҕаны бэйэбит кэммитигэр_ _ тапталлаах учууталларбытыттан элбэхтэ мөҕүллүбүт, кинилэри хомоппут-хоргуппут, ытаппыт даҕаны бөтөстөр буолуохтаахпыт. “
    Кыым

«Б» буукуба