Перевод с якутского
график
аат тыл
Нууччалыы график
1 аат тыл #
Туох эрэ ахсаан өттүнэн сайдыытын, хамсааһынын көрдөрөр сурааһыннардаах чөртүөс
Нууччалыы График (чертеж, схема)
Сылларынан үүт ыамын көрдөрүүтүн графига. Температура уларыйыытын графига. Үллүктэнэ сытар араас математическай суоттааһыннарын, графиктарын сыҕаччы анньан, сайабылыанньа суруйан адаарыппыта В. Яковлев
2 аат тыл #
Үлэ сүрүн көрдөрүүлэрин уонна толоруллуохтаах кэмин ыйан оҥоһуллубут былаан
Нууччалыы График (план работ)
От үлэтин графига. Массыына өрөмүөнүн графига. Үлэ былаанын оҥорон, график олохтоон, ирдэбили күүһүрдэр гына тэрийэн, дьону сүһүөҕэр туруора охсуохха наада. В. Яковлев Ыанньыксыттар эбэһээтэлистибэлэрин бэс, от ыйдарынааҕы графиктара аһары толоруллубута. ОСИ ОУу. Үүтү туттарыы графигын үчүгэйдик тутуһан иһэбит Кыым