Перевод с якутского
далаһа
аат тыл
Нууччалыы мостки у берега водоема, с которых черпают воду
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Ууга (күөлгэ, үрэххэ) киирэргэ үктэл гынар мас (хол., уу баһарга)
Нууччалыы Мостки у берега водоема, с которых черпают воду
Саатыыр далаһанан киирэн ыаҕаһыгар уу сомсоору төҥкөйөр. Н. Якутскай Уу баһалларыгар далаһаларыгар иккиэн сэргэстэһэн киирэллэр И. Гоголев
2 аат тыл #
Ууну (чалбаҕы, кыра үрэҕи), бадарааннаах сири, аппаны туоруурга анаан хаптаһынтан эбэтэр бэрэбинэттэн оҥоһуллубут үктэл мас
Нууччалыы Настил из бревен или досок для перехода через лужу, ручей, болото, овраг; гать. [Мойот] уҥуор туоруур маннааҕы далаһаны уу ылан барбытын көрдө
Сыыры таҥнары дэллэрийэн түһэн, аппаны туоруур мас далаһанан сүүрдүм. Софр. Данилов. Мин эрдэ туран уу баһар күөлбэр киирэн далаһа тумсугар сууннум ХС
3 аат тыл #
Тутууга, өрөмүөҥҥэ туттуллар дьиэ эркинин тула тутуллар хаптаһынтан, тимиртэн оҥоһуллубут үктэл
Нууччалыы Леса
4 аат тыл #
Тугу эмэ холбуур, сибээстиир сүһүөх
Нууччалыы Отдельные звенья чего-л., связующиеся друг с другом, мостик
Куттал, буруй төрүөтэ – Таҥнарыы далаһата. С. Данилов Улахан далаһа уурбут тириэньэринэн Александр Куприяновы ааттыыр Кыым
5 аат тыл #
, түөлбэ., харыс т. Ат көлө
Нууччалыы Верховая лошадь. [Хотой] балаҕан муннугар дьөлө түһэн олорон кыра быраат тардыстар далаһатын сиэтэ
Далаһабын хаптаран ааһыахпын манна утуйарым сөп буолуо дуо? СТ С
6 этии #
Далаһа быһыт түөлбэ. – балык быһытын арааһа
Нууччалыы Один из видов рыболовных заграждений
7 этии #
Далаһаҕар тардыс түөлбэ., харыс т. – аккын миин
Нууччалыы Садиться на своего коня (букв. тянуться к своим мосткам)