Перевод с якутского
дар
Нууччалыы издавать дребезжащий звук, подобный звуку, производимому при падении доски (досок) на твердый пол
1 #
дар гын – чараас хаптаһыннартан холбоммут адарайы сиргэ бырахтахха тыаһыырын курдук сатархайдык тыаһаа
Нууччалыы Издавать дребезжащий звук, подобный звуку, производимому при падении доски (досок) на твердый пол
Аһыллан турар хаптаһын халҕаны дар гына сабан, киһи баран хаалла. Амма Аччыгыйа Доруоп дьэ эстэн дар гына тыаһыыр. И. Гоголев Тахсан хаптаһыннарын киллэрдэ, өйдөөбөккө дар гына бырахта, дьиэтэ түөрт муннуктарынан сатарыйан ылла Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы Дощатый настил без подстилки
Дар мас кэпс. – таҥаһа, тэллэҕэ суох халтаҥ мас орон Лаампаларын уотун саба үрэн баран, тэллэҕэ суох дар маска соннорун саптан, саҥата суох сыттылар. Л. Попов Бу итиитин, үчүгэйин, сыттаҕа сымнаҕаһын, синньигэс дар мас буолбатах, сылаас сымнаҕас бэриинэ. Н. Заболоцкай Ыалдьымына, дар мас муоста баҕайы абырыа дуо? Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (3)
Дар уҥуох кэпс. – уҥуох-уҥуохтара бүтэйдии биллэ-көстө сылдьар гына көтөхтөрбүт, ырыган (киһи-сүөһү туһунан). Θ Иссохшие кости; голый скелет (о тощем, худом человеке, скотине). Дар уҥуох түөһүгэр оҕотун ыбылы кууһан олорон, Өлөөнө ытыыр икки ынчыктыыр икки ардынан төлө биэрэр. Н. Якутскай Бөрө олус улахан уонна дар уҥуох этэ. Далан Кулуба дьиэтин суон бэрэбинэлэрин дьадаҥылар дар уҥуох сарыннарынан таспыттара. А. Сыромятникова