ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

даҥ

аат тыл

Нууччалыы слой земли, насыпанный на верхний настил здания для утепления

1 аат тыл #

Дьиэ, тутуу үрдүгэр кутуллар буор сабыы

Нууччалыы Слой земли, насыпанный на верхний настил здания для утепления

  • Түөрт сүллэр этиҥ түспүтүн курдук, тыас дэлбэритэ барда, ийэ буор сирэ доргуйан титирии түстэ. Санаатыгар балаҕанын даҥа сирэйигэр куккуруу тоҕунна.
    П. Ойуунускай
  • Атырдьах ыйын бастакы күннэригэр кулууп хара муостата оҥоһуллан, үрдэ сабыллан, даҥа ыһыллан, хоруобуйатын саайыыга киирдилэр.
    М. Доҕордуурап
  • [Оскуола дьиэтин] кырыысата мэлийбит, муостатын көтүрэн, аанынан, түннүгүнэн таһа сылдьаллар. Сорох үөһэ тахсаннар даҥын буорун түһэрэннэр, буор өрө бурҕайа олорор
    И. Сысолятин

2 этии #

Нууччалыы Быть, стать равнодушным, безразличным к кому-чему-л

  • Даҥ курдук буол кэпс. – үчүгэйи-куһаҕаны сэҥээрбэт, туохха да кыһаммат буолан хаал Кини [Кириһээн] тиһэх күнэ кэлбитин санаан, мэнээк даҥ курдук буолан хаалбыта.
    Д. Таас
  • Туохха да ороһуйбат, биир кэм даҥ курдук буолан хаалбыт, ити Маайыс. Күннүк Уурастыырап

3 этии #

Нууччалыы Темное облако, тяжелая черная туча

Этиилэр

Даҥ хара былыт

олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт Даҥ хара былыт сабардаата.

  • Дьэ, онуоха соҕотохто даҥ хара былыт көтөн кэлэн икки аҥы арылла түстэ. ПЭК ОНЛЯ
    I. Ср
  • тюрк. там, дам ‘крыша’

«Д» буукуба