ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

диниэбинньик

аат тыл

Нууччалыы дневник (записи наблюдений). [Учуутал] оҕолор сайыҥҥы үлэ кэмигэр айылҕа кэрэ көстүүлэрин, миэстэлэрин туһунан диниэбинньиктэригэр суруна сылдьалларыгар сүбэлиир

1 аат тыл #

Олоххо туох буолбутун, олох көстүүтүн күн ахсын сурукка киллэрэн бэлиэтээһин

Нууччалыы Дневник (записи наблюдений). [Учуутал] оҕолор сайыҥҥы үлэ кэмигэр айылҕа кэрэ көстүүлэрин, миэстэлэрин туһунан диниэбинньиктэригэр суруна сылдьалларыгар сүбэлиир

  • АНВ СТУ. Кыстыкка киириэхтэн ыла ынахтар уолуулара элбээн үүт ыама намтаан испитин күннээҕи ыам диниэбинньиктэрэ көрдөрөллөр
    Кыым
  • Киһи тус бэйэтин санаатын, көрүүтүн, билбитин-көрбүтүн бэлиэтиир тэтэрээтэ. Θ Дневник (записи личного характера). Урут эмиэ хаста да диниэбинньик сурунан испиттэрим бааллара да, аҕыйах хонукка суруйаат быраҕаталаан кэбиһэрим. Софр. Данилов. Кини [Ксенофонтов] хоруо буолбут өлүгүн тааҥка иһиттэн ылбыттара. -- Планшетын иһиттэн уокка кириэрбит диниэбинньигин булбуттара
    П. Филиппов

2 аат тыл #

оск. Үөрэнээччи дьиэҕэ сорудахтарын сурунар, ылбыт сыанатын туруортарар тэтэрээтэ

Нууччалыы Ученический дневник

  • Айаал диниэбинньигин көрбүтүм, ахсаан уруогар бүтүннүү биэс, түөрт сыана кэккэлээбит.
  • Уура сылдьыам диниэбинньикпин, Эн хонуу кэриэтэҕин, Биэс, түөрт сыана – сибэкки, Икки сыана – эрбэһин
    И. Гоголев

«Д» буукуба