ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дириҥник

сыһыат

Нууччалыы глубоко

English deeply

Ис хоһооно · 9

1 #

сыһ

  • Сир, күлүктүҥү буолан, дириҥник ирэ илигэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ньиэп сиргэ дириҥник сытар. МЛФ АҮө. Аанча сымнаҕас, халыҥ хаарга дириҥник батары түһэн олордо, туга да ыалдьыбатах
    Болот Боотур

2 #

Аллара ыраахха тиийэ; дириҥ гына

Нууччалыы На значительной глубине, глубоко

3 #

Ыраах иһирдьэ тиийэ

Нууччалыы Вглубь, внутрь, в глубину чего-н

  • Давид Слепцов быһаарыытынан, чуурукта силиһэ буорга дириҥник киирбэккэ, сир кырсынан бэйэ-бэйэтин кытта иилистэн үүнэр.
    Н. Заболоцкай
  • Буулдьа уҥа чанчыктарын дириҥник сиирэ көтөн ааспыт
    А. Бэрияк

4 #

Түгэҕиттэн, ис-иһиттэн, иһирдьэттэн

Нууччалыы Из глубины, до глубины (исходить, доходить, дышать)

  • Капитан Иванов дьигиһис гынан, дириҥник салгыны эҕирийбитинэн, хараҕын көрөн кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Мойот сүүрэн кэлэн бастакы ытын моонньун кууһа түстэ, кини дириҥник тыынан көбүөхтүү сытта.
    Т. Сметанин
  • Александр -- оронугар таҥас курдук налыйан сытар. Өр буола-буола дириҥник ынчыктаан ылаттыыр
    М. Доҕордуурап

5 #

Олус күүскэ, кытаанахтык, уһуктубаттыы (утуй)

Нууччалыы Крепко, глубоким или мертвым сном (спать)

  • Пал Палыч муннун тыаһа баччыгынаан дириҥник утуйда.
    Н. Заболоцкай
  • Кини нухарыйан барда, онтон сотору буолаат дириҥник утуйан хаалла. А. Пушкин (тылб.)

6 #

Олохтоохтук, ордук киэҥник, сыныйан (үөрэт, толкуйдаа)

Нууччалыы Основательно, детально

  • Некрасов төрөөбүт норуотун олоҕун, кини эрэйин-кыһалҕатын, -- үтүө дьулуурдарын дириҥник билэрэ. Софр. Данилов. [Семен Романович] үлэтин дириҥник үөрэтэн истэҕин аайы, улам өйдүүн-санаалыын күүскэ ылларан испитэ.
    Н. Лугинов
  • Аан дойду оҕолоругар Саха сирин култууратын көрдөрөр үрдүк уонна эппиэттээх чиэһи "Кэнчээри" ансаамбыл хас биирдии чилиэнэ дириҥник өйдөөн эрдэттэн бэлэмнэммитэ
    Кыым

7 #

Киһи дууһатын ордук аймыыр курдук, ис сүрэҕиттэн ордук иэйиилээхтик

Нууччалыы Искренне, душевно, от души, всей душой

  • Кини [А. Софронов] П. А. Ойуунускайы киһи да, поэт да быһыытынан уһулуччу дириҥник ытыктыырын-таптыырын бэйэтин хоһоонноро чуолкайдык туоһулууллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Дириҥник долгуйа санньыйа Эдэрбэр даҕаны күүппүппүн билбэппин Суманнык дохсуннук умайа.
    С. Данилов
  • Ити тылга оҕо аҕатын хайдах дириҥник ытыктыыра ичигэстик, нүөллүк иһиллэр
    Дьүөгэ Ааныстыырап

8 #

Туох баарын барытын, төрдүттэн ыла

Нууччалыы Тонко, искусно, проницательно, всесторонне. ["Анна Каренина"] арамаан -- нуучча норуотун национальнай сайдыытын улахан суолталаах, дириҥник, сиһилии ойуулаан көрдөрөр буолан ордук уһулуччу суолталаах

  • Софр. Данилов. А. С. Пушкин "Евгений Онегин" диэн арамаанын, нуучча норуотун олоҕун биир историческай кэмин ураты дьэҥкэтик, дириҥник көрдөрөрүн иһин, В. Г. Белинскэй "Нуучча олоҕун энциклопедията" диэн ааттаабыта
    ВГМ НСПТ

9 #

Улаханнык нөрүйэн, бүк түһэн (тоҥхой)

Нууччалыы Низко (кланяться)

  • Ганс дьиҥ сүрэҕиттэн курдук кыыска дириҥник тоҥхойбута уонна истиҥник таҕыстын диэн, сибигинэйэр быһыынан эппитэ: – Эһиги үҥкүүлээҥ, оонньооҥ.
    Суорун Омоллоон
  • Андрей аламаҕайдык, дириҥник сүгүрүйэн кэбистэ, кини тоҥкуруунун туһунан Перонская эппититтэн букатын атын буолан таҕыста. Л. Толстой (тылб.)

«Д» буукуба