Перевод с якутского
долгун
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы волна, водяной вал
English wave
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Тыалтан уу ньуура долгуйан хамсыыр халҕаһата, эбирэ
Нууччалыы Волна, водяной вал
Аллара Ала Соболоох күөлэ, көмүс мөһүүрэ курдук, быдьына долгунунан үрүмэтийэр. М. Доҕордуурап Кылбачыгас ини долгуҥҥун кытыыларыгар ини тиэрдээрий. Күннүк Уурастыырап Киэҥ Ленатын наҕыл долгуннара оргууй долгулдьуһа бигииллэр
Н. Лугинов
2 аат тыл #
Тыалтан аргыый долгуйан, күөгэлдьийэ хамсааһын (от-мас туһунан)
Нууччалыы Волнообразное движение, покачивание (напр., от порыва ветра); колыхание (о ветках деревьев, травах)
Хотуура утары сыппыт от долгунун барытын төрдүттэн лөглү быһыталыыр. Амма Аччыгыйа Араҕас долгун буолан бааһына силэллэ хамсыы устар Дьүөгэ Ааныстыырап Туллук курдук кыыс оҕо Долгун өҥнөөх былаата Тунаарарын саната Туман үөһэ уһунна. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Долгун солко мутукча Томтор үрдүн киэргэтэр П. Тулааһынап
3 аат тыл #
физ. Туох эмэ күүс салгынынан тарҕаныыта (хол., электромагнитнай араадьыйа долгуннара)
Нууччалыы Волнообразное движение в физической среде, а также распространение этого движения
Электромагнитнай долгун. Араадьыйа долгуна. Аан дойдуну кууһан ааһар Араадьыйа долгуннара Киһи аймах кулгааҕар Сахам сирин Хайҕаан, сөҕөн ааттаатылар П. Тобуруокап
4 аат тыл #
Туох эмэ аймалҕана, быһылааннаах дохсун уларыйыыта-тэлэрийиитэ
Нууччалыы Сильная тревога, социальные потрясения, изменения
Олох долгуна. Хаарты, арыгы долгунугар хас да төгүл хаайыллыбыта. М. Доҕордуурап Петроградка от ыйын үс-түөрт күннэригэр буолбут быһылааннар оннооҕор Дьокуускайга улахан долгуну үөскэппиттэрэ. СБТТ. Урукку уоттаах сэрии долгуна ааста Н. Түгүнүүрэп
5 даҕааһын #
суолт., поэт. Уу ньуура, долгуйан хамсыырыгар маарынныыр, долгун курдук
Нууччалыы Похожий на тронутую волнами поверхность, волнообразный
6 этии #
Көмүс мөһүүрэ долгун (долгуннар) поэт. – күн уотуттан күлүмүрдүү устар долгуннар Күөх оттоох көлүйэ күөлүм Көмүс мөһүүрэ долгунун ортотугар Куба кыылым долгуйа устан, Куоҕаҥныы-куоҕаҥныы туналыйа сырытта. П. Ойуунускай. Уу кэллэр кэлэн -- көмүс мөһүүрэ долгунунан Күлэ-үөрэ, мичилийэ сытта. М. Доҕордуурап.
Нууччалыы Волны, играющие солнечными бликами
Этиилэр
Үрүмэ долгун (долгуннар)
үмүрүҥнүүр, дьиримниир кыракый долгуннар.
Легкое колебание, колыхание водной поверхности; зыбь.
Тыын анныттан үрүҥ көмүс үрүмэ долгун оонньоон тахсан истэ. М. Доҕордуурап От үрэх чарылыыр сүүрүгүн Оҕолор сөтүөлээн чалбыыллар, Күн уота күлүмнүүр көмүһүн Үрүмэ долгун чаҕыллар. П. Тулааһынап
Халҕаһа долгун
күргүөмүнэн түллэҥнии устар улахан долгуннар.
Высокие волны, набегающие валом.
Онно халҕаһа долгуннар Муус хайалары кыйдыыллар. С. Данилов Арыт халҕаһа долгуннар катербыт тумсугар кэлэн охсуллан, үрдүбүтүнэн уу күдээрийэн ааһар. И. Федосеев
Эрэһэ долгун (долгуннар)
чэпчэкитик кэрдиистэнэ, эрилийэ сүүрэр кыра долгуннар.
Легкие волны, бегущие ряд за рядом; рябь.
Бэс чагда анныгар Амма эбэ үрүҥ көмүс эрэһэ долгунунан дьиримнии сытар. М. Доҕордуурап Уҥуор, күөл куулатыгар, Ойуур күлүгэ барыйар, Ыраахтан эрэһэ долгуҥҥа Ый сандаара сыдьаайар. С. Васильев