ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

доҕолоҥ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы хромой.

English lame, limping

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Биир атаҕа кылгас буолан эбэтэр ыалдьан сүдьүҥнээн хаамар

Нууччалыы Хромой. Доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту уулаан олороругар сөп буолбакка, чугастааҕы ыалларын кураанахтаата. Суорун Омоллоон. Оҕус илин уҥа атаҕынан дугуммат доҕолоҥ буолан тоһуйда. Амма Аччыгыйа. Арай сэриигэ хабыллар саастаах дьоннортон туос доҕолоҥ Мэппиилэй Солтуохап эрэ сыыйыллан хаалбыта. П. Аввакумов

2 даҕааһын #

Алдьаммыт эбэтэр хаадьаҥныыр атахтаах (дьиэ тэрилин туһунан)

Нууччалыы Со сломанной или качающейся ножкой, колченогий (о мебели). [Өкүүчэ] атаҕа "доҕолоҥ" остуолларга Араас кинигэлэри дьаарыстаата

  • С. Васильев
    С. Васильев
  • Доҕолоҥ доҕолоҥу сиилээбитигэр дылы (өс хоһ.). Доҕолоҥ бэйэм Дьол-соргу туттум
    Эллэй

3 аат тыл #

суолт., эргэр., көсп. Ыарахан үлэттэн эстибит-быстыбыт, ыарыһах буолбут киһи

Нууччалыы Человек больной, истощенный, изнурительным физическим трудом, немощный

4 этии #

Доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун, соххор хараҕын уутун мус (обор) эргэр., сөбүлээб. – дьону харса суох көлөһүннээн бай-тай Доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун, соххор хараҕын уутун супту оборбут үс киһини ааттаата. Суорун Омоллоон. Эн соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун муспуккун уот сиэбитэ дуо? Эрилик Эристиин. Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун сүүрүгүрдэн муспут. Саха фольк. П. -монг. доҕолоҥ

Нууччалыы Разбогатеть путем беспощадной эксплуатации чужого труда

«Д» буукуба