ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

доҕуй

туохтуур

Нууччалыы сильно подгибать колени

1 туохтуур #

Такымнаргын күүскэ накыҥнат (хаамаргар)

Нууччалыы Сильно подгибать колени (при ходьбе)

  • Сорук Боллур уол Ойон киирэн Аан таһыгар Арылы тойон оҕонньор иннигэр Дугдурус гына тура түһэн баран, чуо-бааччы доҕуйан, Сүгүрүйбэхтии турда.
    П. Ядрихинскай
  • Тарбаҕын лыс гыннаран баран, сототунан оонньоон, курусуунанан дугуйан, хааман доҕуйан барда
    Чолбон
  • Атахтаргын накыс гыннаран бокулуоннаа, тоҥхой. Θ Поклониться, согнуться в поклоне, подогнув ногу. [Кыыс] нусхайа тобуктаан, бүк түһэн доҕуйан -- уҥа илиитигэр тутан аҕалбыт туос оҥоойуктан эмтээх илгэни [Куралай Кустукка] айаҕар кутта
    Д. Апросимов
Өссө холобурдар (3)
  • Атахтаргын биир кэм имигэстик накыҥнатан хамсан, эккирээ (хол., оһуокайга). Θ Двигаться ритмично, и слегка склонившись вперед, приседая (напр., в ритме движения танца). Доҕордуура дьоннорум, Тойугунан туһулаан Туойан, доҕуйан иһиэҕиҥ!
    Саха фольк
  • Оһуохайдыыр оонньууну Оторсуннаах алааһын оройугар доҕуйан Оонньоон-күлэн көрүөҕүҥ!
    С. Зверев
  • [Эбээннэр] Атаҕы дьүөрэлээн доҕуйан Ачаттан тирэнэн тэйбиттэр
    С. Дадаскинов

2 этии #

Нууччалыы Скитаться, странствовать пешком

Этиилэр

Тобуккунан доҕуй

сатыы тэлэһийэ хаамп; кэрийэ сырыт Тоҕус уон үрэҕи Муустаах далайтан Соҕуруу Дьугдьуурга диэритин Тобукпунан доҕуйбут -- Муҥутуур Мутуктуур Тарбааскын Мин ахан буоллаҕым ини дуу?!

  • Амма Аччыгыйа

«Д» буукуба