Перевод с якутского
доҕуһуол
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сопровождение
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох эмэ буоларыгар атын туох эмэ хоһулаһыыта, сэргэ буолара
Нууччалыы Сопровождение
Кини тыла хайаан да ытыс охсунуута доҕуһуоллаах бүтэр. Амма Аччыгыйа Ырыа – үөрүүлээх үлэ доҕуһуола. П. Тобуруокап Сыбаайба тамадата, эппит-тыыммыт эдэр уол, ырыа доҕуһуоллаах тост бөҕөнү субуруччу көтөхтөрөн истэ П. Аввакумов
Өссө холобурдар (2)
Күөх былыт доҕуһуол тыалыттан Тыа, хонуу сөрүүкүү сапсынар. И. Чаҕылҕан Ол иһин таптаатым Бу устар доҕуһуол долгуннары, Бу көй бараан көмүстээх бааллары Т. Сметанин
2 аат тыл #
Тойону арыаллыыр чаҕар, сиэри-туому толорооччуну арыаллыыр киһи
Нууччалыы Прислужник; человек сопровождающий тойона (господина) или устроителя обряда, церемонии
Хайҕамсык, Хара-хаан тойон тоҕус дьиэ доҕуһуола, аҕыс дьиэ арыалдьыта -- тоҕус туруйа курдук уолан уолаттара -- оноҕос оҥостоллоругар эрбэхтэрэ хабыллыбыт, кыҥыылларыгар харахтара кылар буолбут. Саха фольк Уҥа өттүбэр Тоҕус уолан киһи Доҕуһуоллаах туран, Туһааннаах тойук Туойар күнүм буолла. Нор. ырыаһ Н. Степанов Н. Степанов
3 даҕааһын #
Туох эмэ сабыдыалыттан үөскүүр; тугу эмэ кытары тэҥҥэ аргыстаһа сылдьар
Нууччалыы Возникающий под влиянием чего-л.; сопутствующий чему-л.; сопровождающий
4 даҕааһын #
Үгэһи, туому салайан ыытааччыны арыаллыыр
Нууччалыы Сопровождающий устроителя обряда или церемонии. -- Ньылҕархай оҕунуохтаах Чороон айаҕы, Тоҕус доҕуһуол уолаттарбар Толору туттаран туран -- Тула түмсэн тураммыт, Дьоллоох олох туһугар Тускута туойуоҕуҥ