Перевод с якутского
дуй
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы тонкий слой золота (позолота) или другого благородного металла, покрывающий железные или медные изделия; полуда
1 аат тыл #
Үксүгэр тимиртэн эбэтэр алтантан оҥоһуллубут иһиттэр о. д. а. тэриллэр тас өттүлэриттэн чараас гына көмүһүнэн сотуллубут бүрүөһүннэрэ
Нууччалыы Тонкий слой золота (позолота) или другого благородного металла, покрывающий железные или медные изделия; полуда
Ойуулуом дуу, түннүк герань сибэккитин, сылабаар тымныы дуйун. И. Гоголев Күн уота, сылабаар үрүҥ солотуу дуйуттан тэйэн, истиэнэни сырдатта. М. Тимофеев Цинка дуй дьэбиннирбэтинэн ордук, кэнсиэрбэ ньалбаана да барар. ПАЕ ОС
2 аат тыл #
поэт. Уу ньууругар халлаан күөх урсуна, күн, ый сырдыга тэйэн көстүүтэ
Нууччалыы Отражение на поверхности воды лазури неба, переливающийся блеск, отсвет солнца, луны
Сотору толоон үрдүнэн туналҕаннаах ый тахсыаҕа, күөлгэ күлүгүн көрүнэн көмүс дуйун суурайыаҕа. Күннүк Уурастыырап Күһүммүт түһэн Өлүөнэҕэ көмүс дуйун суурайда. М. Ефимов Ол ыйбыт таҕыста, Чуумпурбут өрүһү Дуй кутан кылбатта П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (2)
Бигиир дуй долгун түөһүгэр Бэл ый кытта нуктаата. Сандал дуй мандардаах күһүммүт сайыны ыраах атаарар. М. Ефимов Ый күөлгэ көмүс дуйун көрүнэр Күннүк Уурастыырап
3 даҕааһын #
суолт. Килбэҥнээн, күлүмүрдээн көстөр
Нууччалыы Блестящий, сверкающий