ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дулҕа

аат тыл

Нууччалыы бугорок на низменном или болотистом месте, поросший травой или мхом; кочка

English hillock

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Намталга эбэтэр бадарааҥҥа отунан эбэтэр муоҕунан бүрүллүбүтүнэн үүнэн тахсыбыт сир боллоҕо

Нууччалыы Бугорок на низменном или болотистом месте, поросший травой или мхом; кочка

  • Бу дойду хас томторун, Чугастааҕы дулҕаларын Барытын мин билэрим.
    С. Данилов
  • Урууп дулҕаҕа үктэнэн турар, оҕуһа икки илин атаҕынан тобугар диэри ууга туран уулуур.
    Күндэ
  • Эбии аһылык диэн сүөһүгэ, дулҕаны, талаҕы, хаппыт оту бэлэмниибит.
    ПАЕ ОС

2 этии #

Нууччалыы Отказываться от содеянного, отпираться, отрицать очевидное (букв. вытирает свой клюв о кочку)

Этиилэр

Тумсун дулҕаҕа соттор

тугу эмэ гыммытын мэлдьэһэр, билиммэт Тумсугун дулҕаҕа соттума: дьуккуруйуо (өс хоһ.

  • ). [Уйбаан:] Хайыы-үйэҕэ таптыырын булунан баран, тумсун дулҕаҕа сотто сылдьар ээ.
    А. Софронов
  • [Суоппуйа:] Хайа киһи мин сааспар тапталынан умайыай? [Митя:] Тумсугун дулҕаҕа соттума. Н. Туобулаахап

3 этии #

Нууччалыы Высокий труднопроходимый кочкарник (букв. кочка-лошадь)

Этиилэр

Ат дулҕа

киһи кыайан-атыллаабат үрдүк дулҕата От үрэх кытыыта ат дулҕа буолбут, киһи кыайан атыллаабат.

Дулҕа сиэлэ

дулҕаҕа үүммүт уһун кылыстыҥы от.

Осоковидная трава на кочке (букв. грива на кочке).

  • Чөркөйүм төбөтүн оройунан дулҕа сиэлигэр батары түһэн, хамсаабакка сытара.
    Далан
  • Токур тимир хотуурунан Дулҕа сиэлин тоноһон, Хотон муҥунан Хоноҕор муостааҕы иитэрбит.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Ынахтар хаар анныттан тахсыбыт кур дулҕа сиэлин үргээн курдурҕаталлар. Н. Заболоцкай
II

4 аат тыл #

, эргэр. Киһи таһаата

Нууччалыы Корпус человека

  • Саалаах бөҕөттөн самныма, Охтоох бөҕөттөн охтума, Толору дулҕалаах, Ситэри силгэлээх Буолан олорон Кыраларгын аһынаар, Дьадаҥылары Таптаар.
    Эрилик Эристиин
  • [Бухатыыр] Дулҕа бөҕөтө Толору туолбут, Буутун этэ Муҥутаан буспут. Нор. ырыаһ
III

5 аат тыл #

Саха балаҕанын муннуктарын түөрт сүрүн баҕаната

Нууччалыы Четыре основных (несущих) столба якутской юрты, стоящих по углам

  • Ураһа дулҕаларын иччитэ Дьэгэһийэ Сэгэһийэ кыыһы чиэстээтэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Түөрт түүлээх дулҕа
    ПЭК СЯЯ

«Д» буукуба