ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дуораан

аат тыл

Нууччалыы громкий, раскатистый звук, голос, отдающийся эхом

English echo

1 аат тыл #

Туох эмэ улахан тыас, саҥа ыраахха диэри эҥсиллэн, дуораһыйан иһиллэрэ

Нууччалыы Громкий, раскатистый звук, голос, отдающийся эхом

  • Үрэҕи үрдүнэн кыыстаах уол ырыаларын дуораана иһиллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа матырыйаалынан кырааска буолар, муусукаҕа-дорҕоон дуораана, литератураҕа – тыл
    Г. Васильев
  • Туохха эмэ охсуллан тыас, саҥа ордук дорҕооннонуута. Θ Усиливающийся отзвук, отголосок звука, голоса. Ыраах, өрүс уҥуоргу тэҥкэҕэ, кэҕэ этэн чоргуйара уу дуорааныгар тэптэрэн, ханна эрэ саха сайылыгын кырдалыгар эдэр ыччат мунньустан эһиэкэйдээн эрэрин санатар
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Туох эмэ буолбут сураҕа, бэлиэтэ, дарбаана

Нууччалыы Отзвук, отголосок какого-л. события, минувшего, прошлого

  • Амма Аччыгыйа ол уоттаах сыллар [сэрии сыллара] дуорааннара билиҥҥи эйэлээх кэмҥэ тиийэ кэлбитин көрдөрөр.
    Н. Тобуруокап
  • Үйэлэр дуорааннара бу булгунньах үрдүнэн холорук эрэ кэриэтэ силлиэрэн аастаҕа.
    В. Гаврильева
  • Кыргыһыылар дуорааннара кымыстыыллар сүрэхпин
    С. Тумат

3 этии #

Нууччалыы Эхо. Дьыбардаах түүн туруйалар хаһыытаһалларын ой дуораана үс төгүл улаатыннарар, кый баһынан эҥээритэн илдьэр. Н. Якутскай. Ой дуораана кини ийэтин саҥатын дорҕоонноохтук эргитэн аҕалла. Амма Аччыгыйа. Кыһыҥҥы кыыдааннаах тымныыны кыайан уйбатах мутуктар булгурута тоҥмут тыастарын ой дуораана үтүктэ түһэргэ дылы гынар. Эрилик Эристиин. Өй дуораана көр ой дуораана. Улуу сир устун өй дуораана тарҕанна. Эллэй. Адьырҕа кыыл саҥатыгар маарынныыр хаһыыны кэтит тыа киэҥ уорҕатыгар охсон ылан, өй дуораана үтүктэн барда. Эрилик Эристиин

Этиилэр

Ой дуораана

таһырдьа тыас, саҥа туохха эмэ (хол.

  • , хайаҕа, тыаҕа) охсуллан чуордук хатыланан иһиллиитэ

«Д» буукуба