ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьааһый

туохтуур

Нууччалыы открытым ртом непроизвольно глубоко вдыхать и сразу резко выдыхать воздух (при желании спать, при усталости, лени), зевать

English to yawn

I

1 туохтуур #

Айаҕы киэҥник атан, салгыны уһуннук эҕирийэн баран тута төлө биэрэн таһаар (утуктаан, сылайан, сүрэҕэлдьээн)

Нууччалыы Открытым ртом непроизвольно глубоко вдыхать и сразу резко выдыхать воздух (при желании спать, при усталости, лени), зевать

  • Дьааһыйыма, дьалаҕай буолуоҥ (өс. ном.). Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кылап гына көрөр этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Хаста даҕаны дьааһыйда. Сылаата дьэ киирдэ быһыылаах.
    Н. Лугинов
  • Онтон куолутунан сүрэҕэлдьээбиччэ дьааһыйан баран, атырдьаҕар тайанан турбута
    Н. Заболоцкай
II

2 туохтуур #

Туохха эмэ саалын, охсулун (этиҥи этэргэ)

Нууччалыы Низвергаться, обрушиваться (о громе)

  • Чугас соҕус ханна эрэ этиҥ дьааһыйан, киһини дөйүтэр улахан тыас бачыгырыы түстэ.
    Д. Таас
  • Өстөөх халлаанын хара былыт сапта, уордаах этиҥ тоҕута дьааһыйда.
    Т. Сметанин
  • Көҥүл норуот дохсун уордайыыта Этиҥ буолан Өстөөх үрдүгэр дьааһыйда
    А. Абаҕыыныскай

3 туохтуур #

Куһаҕаннык дьай, туох эмэ охсуута оҥор

Нууччалыы Сказаться отрицательно, обернуться неприятностью

  • Өһүөннээх өстөөҕү утары хааннаах хапсыһыы, дуолан охсуһуу ханна-ханна тиэрдэрэ, тугунан-тугунан дьааһыйара биллибэт!
    И. Сысолятин
  • Өкүүчэ эдэр ньуура өлбөөдүйбүтүн Үрүҥ күн күлүмэ да чаҕылыппатах, Дьааттаах кутурҕан дьааһыйбытын Дьааҥы да тыала дьарҕарпатах.
    С. Васильев
  • Бу айдаан тугунан дьааһыйан тахсыаҕын кини үчүгэйдик өйдүүрэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Др. -тюрк. йашы ‘сверкать, блестеть’; йашын йашнады ‘сверкнула молния’

«ДЬ» буукуба