Перевод с якутского
дьалкый
туохтуур
Нууччалыы волноваться, колыхаться, плескаться
English to splash
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Долгуйан, түллэн хамсаа, чалымнаа (иһиттээх убаҕаһы эбэтэр өрүһү, муораны этэргэ)
Нууччалыы Волноваться, колыхаться, плескаться
Байҕал уута бааллыран дьалкыйда, Муора уута булкуллан будулуйда. Саха фольк Биһиги иннибитигэр киэҥ өрүс оргууй устан дьалкыйа сытар. Н. Заболоцкай Кыргыттар арыылаах кымыһынан дьалкыйар чороону киһи аайы туттартаабыттара П. Аввакумов
Өссө холобурдар (3)
Долгуйан, чалымнаан таһынан тоҕун (иһиттээх убаҕаһы этэргэ). Θ Расплескиваться, выплескиваться, выливаться (жидкость из посуды). Микиитэ лэппиэскэни халты анньан кэбистэ, хобордоохтоох арыы кыратык остуолга дьалкыйда. Амма Аччыгыйа Мэлгэйбээт улахан ойоҕо өрө хабытайдана түһээт, олгуйга эт эбии бырахпытыгар миин дьалкыйан уокка тоҕунна. С. Курилов Уһааттаах уум көхсүбэр дьалкыйарын кэрэйбэккэ муҥ кыраайынан сүүртүм. Ч. Айтматов (тылб.)
2 туохтуур #
Биир тэҥник долгулдьуйа хамнанан хаамп, айаннаа
Нууччалыы Двигаться колыхаясь, мерно качаясь
Мин быар куустан баран, олорон кэбистим. Улаан ону күүппүттүү айаннаан дьалкыйбытынан барда. Н. Заболоцкай Күн санньыйыыта оҕус барахсан Ыар таһаҕастан хараҕа ууланар, Дьиэҕэ тиийэр, сынньанар баҕаттан Күүһүн түмүнэн хааман дьалкыйар. Н. Босиков Тус илин диэки киирэн Сиэлэн дэгэйэн истэ, Хааман дьалкыйан истэ, Сүүрэн тэбигирээн истэ А-ИМН ОЫЭБЫ
3 туохтуур #
Кытаанахтык тутуллубат буол, туллаҥныыр, хамсыыр буол
Нууччалыы Перестать крепко держаться, ослабнуть, расшататься
Сүнньүлүүн доргуйан, Сүһүөхтүүн дьалкыйан Сөбүлүү санаатым.
П. ОйуунускайУолан уол буолан, оргуйа-дибилийэ сылдьаҥҥын, чанчыгыҥ кырыаран, илин тииһиҥ дьалкыйан хаалбытын билбэккэ хаалаайаҕын! Амма Аччыгыйа Урукку өттүгэр тыраахтар араамата дьалкыйдар, алдьаннар эрэ быраҕыллара, кыайан оҥоһуллубат этэ В. Ойуурускай
4 туохтуур #
Үбү-аһы харса суох ороскуоттаан, иһэн-аһаан сырыт
Нууччалыы Проводить время в кутежах, проматывая большие деньги
Куоракка киирэн дьалкыйбытын кэмсинэ быһыытыйда. Болот Боотур [Харчыны] сатаан, сөптөөхтүк туһаныахха наада. Ону биһиги обургулар наһаа дьалкыйан кэбиһээхтиибит.
Н. ЛугиновБыһатын эттэххэ, оҕонньор дьалкыйа, дьаарбайа түһэн ыллаҕа дии күөх сайын кэлбит аатыгар Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Улаханнык долгуй, өйүҥ-санааҥ өрүкүй
Нууччалыы Приходить в волнение, в возбужденное состояние
Үчүгэйиин, үчүгэйин! Сүрэҕим дьалкыйда, Сүһүөҕүм хамнаата. А. Софронов Кутум дьалкыйар Куттанным-куойдум, Куйахам күүрдэ.
П. ОйуунускайЯков, төбөтө балачча дьалкыйан олорор киһи, итини аанньа истибэтэ, өссө кини үөрэтэрдээх диэн кыһыйа санаата Н. Заболоцкай
6 этии #
Нууччалыы Болит, раскалывается голова у кого-л. (словно сосуд, переполненный водой, расплескивающейся, при каждом движении)
Этиилэр
Атыйахтаах уу курдук дьалкыйар көр атыйахтаах уу курдук аймаа
Мин уолум төрүөтэҕинэ, бу сатыы халлаан, часкыйан ытаабыт саҥатыгар, кута курдук күөгэлдьийэ хамнаабыта, сардаҥалаах маҥан халлаан атыйахтаах уу курдук дьалкыйа сыспыта. Саха фольк Аан ийэ дайдым хаанынан ытаан Атыйахтаах уу курдук дьалкыйда [сэрииттэн]. И. Егоров
Ыаҕастаах уу курдук (уулуу) дьалкыйар
хас хамсаннаҕын аайы түллэҥнээн ыалдьар (киһи төбөтүн туһунан) Ол эрээри утуйбатахтан төбө ыаҕастаах уу курдук дьалкыйара билигин биллэ илик.
Сарсыныгар күн ортотун саҕана турбута, төбөтө диибин диэн ыаҕастаах уулуу дьалкыйара. ХС
Иһэ иирбит, таһа дьалкыйбыт
улаханнык долгуйбут, өйө-санаата булкуллубут (туох эрэ куһаҕантан).
Быть сильно возбужденным, находиться в смятении от чего-л. неприятного, неожиданного.
Ариша, мин иһим иирэн, таһым дьалкыйан олорор.
Суорун ОмоллоонКини бииртэн эрэ, ону даҕаны ийэтин хос аатыттан иһэ иирэр, таһа дьалкыллар. Дьоло суох буола түһэр. Н. Босиков
Өссө холобурдар (3)
Оо, Маака иһэ иирбит, таһа дьалкыйбыт Харыйаантан арахсан төһө бэрт олоҕу олороргун көрүөхпүт. А. Бродников Икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат (дьалкыйбатынан) көр икки ардыларынан (ардыларыгар) уу тохтубат (тэстибэт). Баһыккалаах Нараҕаннаахтыын, икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбатынан, улахан эйэлээх, ини-бии курдук олорбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кинилэр улам-улам бодоруһан испиттэрэ, онтон икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат доҕордуу буолбуттара. С. Федотов Үчүгэй доҕордуулар икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат. ЧКС АК