ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьалты

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы незаметно в сторону

1 сыһыат #

Туохха эмэ тута түбэспэт, харахха быраҕыллыбат курдук; тэйиччи

Нууччалыы Незаметно в сторону (отводить так, чтобы не бросалось в глаза)

  • Эмээхсин сөбүлүү көрүө суоҕа диэбит суолларын барытын дьалты гыналлар.
    Амма Аччыгыйа
  • Батыйаҕытын дьалты уурталааҥ, Кыргыс кырыктаах сэптэрэ Ыһыах түһүлгэтигэр тоҥуйдук дьиримнииллэрэ Кыбыстыылаах уонна айыылаах-харалаах.
    И. Гоголев
  • Киҥнээх, куһаҕан майгылаах киһи диэн биһиги ардыгар сорох дьонтон дьалты туттабыт. Софр. Данилов. Былыр сүөһү өлөрүллүүтүн, харыстаан оҕо аймахха көрдөрбөт буолуллара. Бэл хааннаах куобаҕы, куһу-хааһы оҕолортон кистээн, дьалты тутуллар этэ
    В. Иванов

2 даҕааһын #

суолт. Дьон билбэт-көрбөт, тэйиччи баар

Нууччалыы Отстоящий, удаленный от людских глаз

  • Кинини [ыты] киһиттэн-сүөһүттэн дьалты сиргэ, хаспах таһынааҕы тыаҕа, сыапка сытыарбыттара.
    Л. Попов
  • Кэбис үөтүөхтэрэ буоллар үөттүннэр, арай дьалты сири булууһубун.
    М. Доҕордуурап
  • Албын саһыл суруксуттаан, Сабыгырыы сылдьыбыта, Чабычахтаах арыыны уктаат, Дьалты тыаҕа дьылыйбыта
    К. Туйаарыскай

«ДЬ» буукуба