ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьара

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы неглубокое место в озере, реке, море; мель, мелководье

1 аат тыл #

Күөлгэ, өрүскэ, үрэххэ чычаас уулаах сир

Нууччалыы Неглубокое место в озере, реке, море; мель, мелководье

  • "Таастааҕы" кини улахан, киэҥ, дириҥ баҕайы үрэх курдук саныыра ээ. Онтуката быыкайкаан эбит дии. Дьарата да сүрүн. Софр. Данилов. Ньырбачаан чычаас ууга кэһэн киирэн дьараҕа мустар быыкайкаан балык ыамаларын тута сатыыра да, уон тарбаҕын быыһынан саккырыыллара.
    ХС
  • Сыл үгүс өттүгэр крабтар муора түгэҕинэн сылдьаллар, оттон саас ууһаары дьараҕа тахсаллар.
    ББЕ З
  • Борокуот дьара ууга кыайан устубат этэ.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
  • Дьара хомоҕо улахан соболор биллиргэччи сэмсииллэр.
    И. Гоголев
  • Күөл ортотугар дьара сир баар эбит
    И. Данилов

2 даҕааһын #

Чычаас, дириҥэ суох

Нууччалыы Мелкий, неглубокий

3 аат тыл #

Хайа эрэ өттүнэн, хайа эрэ хаачыстыбатынан мөлтөх, итэҕэс, татым

Нууччалыы По каким-л. показателям, качествам недостаточный, слабый, несовершенный

  • Дайаакыннара диэн дьара эрэйдээх быһыылаах. Ити киһи тойон буолла да, эстииһибит.
    П. Тобуруокап
  • Аҕыйах үүттээх ынах элбэхтик маҥырааччы, Дьара өйдөөх-санаалаах – Ол элбэхтик лахсыйааччы.
    И. Гоголев
  • Оттон шеф чааһынан ыллахха, кини көтүмэҕин, киһи быһыытынан халбаҥын, билии өттүнэн дьаратын туһунан институкка "этэрбэс араадьыйата" элбэҕи этэр
    В. Яковлев

«ДЬ» буукуба