ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаһал

аат тыл

Нууччалыы приказ; порядок

English order, command

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы приказ; порядок

English order, command

  • директору дьаһалынан
    по приказу директораby order of the director

2 аат тыл #

Нууччалыы мера; действие

English measure, action

  • дьаһалла ыл
    прими мерыtake action

3 аат тыл #

Нууччалыы предприятие

English enterprise, undertaking

  • дьаһалла олохтоо
    предпринять действиеto undertake an action

4 аат тыл #

Дьаһайыы, тугу эмэ толорорго салайар ыйыы, сорудах, модьуйуу

Нууччалыы Распоряжение, приказ, поручение

  • Араас сыстыганнаах ыарыыга ыалдьан дьон өлөрө улам хойдон, испитэ. Манна салалта туох да дьаһалы ылбакка көрөөччүнэн эрэ буолбута.
    Эрилик Эристиин
  • Аҕыйах бытархай дьаһалы биэрээт, күн аҥаарыттан дьиэтигэр төнүннэ.
    И. Гоголев
  • Өр буолбатаҕа ССРС госпланыттан кыһыҥҥы бетоннааһын үлэлэрин сэттэ уон бырыһыан ыаратан төлүүргэ дьаһал кыыгынаан кэлбитэ
    В. Яковлев

5 аат тыл #

Кими, тугу эмэ салайан үлэлэтии, салалтаҕа ылыы

Нууччалыы Руководство кем-чем-л., взятие под руководство кого-чего-л

  • Разведчик – сэрииһит Микиитэ Лэглээрин эн дьаһалгар кэллэ!
    Амма Аччыгыйа
  • Оччолорго [сэрии кэмигэр] кыһыл чуум үөрэх оройуоннааҕы салаатын дьаһалыгар киирэрэ.
    С. Никифоров
  • Кини дьаһалыгар этэрээттэн, маневреннай группаттан аҕыс уонча киһини көмө биэрбиппит.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Полк хамандыырын бирикээһэ кэлбитэ: – Артиллеристары барыларын инники кирбииттэн таһаарыҥ уонна дьаһалбар ыытыҥ!
    А. Данилов

6 аат тыл #

Абыычай, идэ, олоҕурбут быраабыла

Нууччалыы Обычай, привычка, установившееся правило

  • Былыр сокуон үөскүөн иннигэр саха маннык дьаһаллаах эбитэ үһү: ким күүстээх эбэтэр кыайбыт киһи – ол үүрэр эбэтэр өлөрөр. Саха сэһ. 1977

«ДЬ» буукуба