Перевод с якутского
дьаһан
Нууччалыы иметь право самостоятельно осуществлять государственную власть, иметь право на самоуправление
1 #
Үөһэттэн ыйыыта-кэрдиитэ суох былаас дьаһалларын ыытар эбэтэр бэйэни салайынар бырааптаах буол
Нууччалыы Иметь право самостоятельно осуществлять государственную власть, иметь право на самоуправление
дьаһай диэнтэн бэй. туһ. Бар дьон бу аан дойдуга дьол үлэҕэ баар дииллэр. Бэйэҕин дьаһанан үлэлээ да, киһи буолуоҥ.
Суорун ОмоллоонДьахтар кыра оҕолуун огдообо хаалан, кэнники дьыл уот, сут той буолан, үлэни-хамнаһы кыайан дьаһанымына бэркэ дьадайаллар. Саха фольк Эйигин аһын дьаһанан уурбат, кырынааска былдьатар диэн мөҕөр. И. Федосеев
Өссө холобурдар (3)
Аны сирбит-уоппут кэҥээтэ, дьоммут да элбээтэ. Онон чиҥник, сайдыылаах дойдулардыы дьаһаннахпытына эрэ инникибитигэр бигэ эрэллээх буолсубут.
Н. ЛугиновКөҥүл, бэйэлэрин дьылҕаларын бэйэлэрэ дьаһанар норуоттары сэргэ кыргыллар-кыдыллар, суорума суолламмыт норуоттар эмиэ бааллар. И. Аргунов Саха омук баччаҕа диэри, үөрэхпит суоҕа бэрт буолан, олоҕу кыайан дьаһана иликпит Эрилик Эристиин
2 #
Бэйэҕэр тиийин, бэйэҕин өлөрүн
Нууччалыы Кончать жизнь самоубийством
"Суох, ытыллыахпын баҕарбаппын. Ытыллыам кэриэтин, уолум ыттарыан кэриэтин, бэйэм бэйэбин дьаһаныам, биитэр кинини өлөрүөм", – диэтэ Наһаар
Суорун Омоллоон