Перевод с якутского
дьиибэ
даҕааһын, аат тыл, тыл
Нууччалыы странный
English strange, eccentric, quirky
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы странный
English strange, eccentric, quirky
дьиибэ киһи странный человекa strange person
2 аат тыл #
Нууччалыы уловка
English prank, trick
оҕо дьиибэтэ детская шалостьa child's prank
3 аат тыл #
Соһуччу, күүтүллүбэтэх туох эрэ уратылаах суол
Нууччалыы Причуда, странность, необычность
Туох дьиибэ буолтун билэ, Тойон саарга бэйэтэ Чуо тиийэр толкуйданна. Эллэй. Харалаампый доҕорбут "Дьикти лаампатын" дьиибэтин көрдөрөөрү, Халлаан уотун харахтыы охсоору, Хараҥа хотоҥҥо харбыалаһан тахсан Хаччыгынайан эрэр эбит. Күн Дьирибинэ. Манна бэйэлэрин истэригэр ытыктанар дьонноохтор, сорохтор атынынан, ол-бу дьиибэлэринэн, бэл куһаҕаннарынан да аатырбыттар Н. Габышев
4 аат тыл #
Тэбэнэт, баракаас (мэниктээн, тиэхэлэнэн туох эмэ куһаҕаны оҥоруу)
Нууччалыы Проказа, шалость (делать по шалости что-л. предосудительное)
Булгу муодатынан, Дьикти дьиибэтинэн Наахара нэһилиэгэ Додор кулубаттан ордук Муодалаах киһи баар буолуо диэн, Булан көрбөтөҕүм. Саха фольк [Петя] мэнигинэн, бөппүрүөгүнэн, дьиибэтинэн аатырбыта ыраатта М. Доҕордуурап Ол дьиибэ киһи этэ: собону сиэбэт. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Уол аата Эльпидифор диэн – киһи истибэтэх дьиибэ аата.
Суорун ОмоллоонБарытын аҥаардастыы кириитикэлии, сирэ сылдьааччы, Көнөнү да токурутан өйдүүр дьикти кэмэлдьилээх дьиибэ киһи.
Н. ЛугиновРусск. диво
5 даҕааһын #
суолт. Киһи өйдөөбөт, туох эрэ уратылаах, дьиктилээх
Нууччалыы Странный, диковинный, причудливый
6 #
ыан т. Муодарҕааһыны, дьиктиргээһини көрдөрөр
Нууччалыы Обозначает удивление, изумление
Дьиибэ, атыттар дьоҥҥо наар үчүгэй өрүттэринэн көстө сатыыр эбит буоллахтарына, Миша төттөрүтүн үчүгэйин кистээн, оттон куһаҕанынан киэн туттардыы өрө туттар.
Н. ЛугиновДьиибэ ээ, мин урут да, сэрии буолбут сиригэр түүн соҕотоҕун сылдьан, бэйэм дьонум өлүгүн көрдөхпүнэ куттана көрөрүм, куйахам күүрэрэ Т. Сметанин