Перевод с якутского
дьиикэй
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы неприрученный, живущий на воле в отличие от домашнего, дикий
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Киһи үөрэппэтэх, дьиэтиппэтэх (кыыллар, көтөрдөр тустарынан)
Нууччалыы Неприрученный, живущий на воле в отличие от домашнего, дикий (о животных и птицах)
"Дьиикэй табаны биһиги Хоту дойдуга кыыл диэн ааттыыбыт", – халымалардыы эҥээритэн сыыйа кэпсиир Лааһар. Далан Быйыл сайын Индигир уонна Дьааҥы өрүстэр икки ардыларыгар халыҥ үөрдээх дьиикэй табалар бааллара билиннэ. "Кыым". Дьиикэй буйволлар итии дойдуларга эрэ үөскүүллэр ГКН МҮАа Айылҕаҕа дьаалатынан үүнэр, киһи үүннэрбэт (үүнээйилэрэ). Θ Некультивируемый, дикий (о растениях). Ымыйах – нууччалыыта дьиикэй моркуоп, сир кырсын аллараа өттүгэр үүнэр. Багдарыын Сүлбэ. Бары дьиикэй үүнээйилэр тымныыны тулуйумтуо итиэннэ үүнүмтүө буолаллар. ТХН БО. Дьиикэй хаппыыста үрдүк умнастаах, төгүрүк сэбирдэхтээх, сүрэхтэммэт дьоҕус үүнээйи. КВА Б
2 даҕааһын #
Киһи олорбот, түҥкэтэх, киин сиртэн тэйиччи (сир туһунан)
Нууччалыы Необжитой, глухой, отдаленный от центра
Адаар курдук дьиикэй хара суорбалар быыстарыгар биир чочуйуулаах сырдык мыраамар былааспыта.
Суорун ОмоллоонХарытыана эрэйдээх урут хамначчыт эрдэҕинэ, дьиикэй Туобуйа түгэҕиттэн саҥа киирдэҕинэ, этэ-сиинэ толору, мыс курдук этэ.
П. ОйуунускайБу дьиикэй тайҕа быыһыгар Син бааллар эбит сырдык төбөлөөх, Кыһыл көмүс сүрэхтээх эрэттэр И. Гоголев
Өссө холобурдар (3)
Күтүр өстөөх, икки атахтаах дьиҥнээх дьиикэйэ, сидьиҥ үөнэ, өлөр үөстээх буолан, тыына син быстар эбит ээ...
П. Ойуунускай[Орулуоһап:] Кубулунан ытыыгын, эйиигинник дьиикэйгэ уһун ырбаахылаах барамматах. Амма Аччыгыйа Дьиикэйдэр бааллара, хаарыан аппын сиэн өллөхтөрө Эрилик Эристиин
3 даҕааһын #
Сайдыы, культура өттүнэн хаалыылаах, былыргылыы олохтоох-дьаһахтаах (дьон, норуот)
Нууччалыы Отсталый, неразвитый (о людях, народе)
Собоһут кыылым уйата, дьиикэй омук арбайбыт баттаҕын сытыы быһаҕынан быһа баттаан ылан, муҥур тиит оройугар иилэн кэбиспиттэрин курдук, харааран көстөр. Н. Неустроев "Эй, суолас! Дьиикэй бурят, эн биэлэй эписиэрдэрин хааннарын тоҕорго хантан быраап ылбыккыный?" – диэн генерал Бурхалей сирэйигэр саабылатын өнчөҕүнэн тоҥсуйда. Эрилик Эристиин Ыраахтааҕы бэлиитикэтэ сахалары дьиикэй норуотунан ааҕара А. Сыромятникова
4 даҕааһын #
Сиэргэ баппат быһыылаах-майгылаах, хабыр, сүөргү (киһиэхэ буолбакка, кыылга маарынныыр)
Нууччалыы Дикий, необузданный, буйный (о характере, нравах и т. д.)
Иирбиппин биллэриэм. Дьиикэй быһыыгытын бар дьоҥҥо иһитиннэриэм, сэбиэккэ тыллыам, батараак суутугар үҥсүөм, ячейкаҕа кэпсиэм.
П. ОйуунускайМанна дьиикэй сигилилээх дьон тойон-хотун буолан олороллоруттан [Василий] абарар. А. Сыромятникова Бу айылаах сирэйдэрэ-харахтара бааһырыар дылы атаҕастаммыттарын. Туох ааттаах сүрэҕэр тааһы укта сылдьар дьиикэй киһи буолуой – бу сынньаталаабыт киһи? Эрилик Эристиин
5 даҕааһын #
Сиэрэ суох, олус, сөҕүмэр
Нууччалыы Чрезмерный, чрезвычайный, сверх меры
Дьиикэй күүстээх киһи. Туох ааттаах дьиикэй тыалай? Аппа, хайа, ыарҕа, дулҕа... Саас-үйэ тухары туорайдыы турбуттар, дьиикэй күүстээхтэр. Кинилэри кыайар, бу эрэйдээх айаны чэпчэтэр, түргэтэтэр кытаанах. Амма Аччыгыйа Анныбар дьиикэй долгун Бухатыырдыы кыланара, Дьэбиннээх суон сыаптарын быһа тыылла сатыыра И. Гоголев
6 аат тыл #
суолт., үөхс. Киһилии быһыытын-майгытын сүтэрбит киһи
Нууччалыы Некто, потерявший человеческой облик, дикарь