ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьороһуй

туохтуур

Нууччалыы двигаться, идти быстро и ровно

туохтуур

дьүһ. туохт. Биир тэҥник түргэнник, сыыдамнык туттан-хаптан бар (үксүн көнө, үрдүк уҥуохтаах киһи туһунан)

Нууччалыы Двигаться, идти быстро и ровно (обычно о стройном высоком человеке)

  • Тура-олоро дьороһуйбут, Киирэ-тахса биэрэстэммит, Үрдэр антах, Өҕүрүйдэр бэттэх, Сэбирдэхтээҕэр чэпчэки, Тыаллааҕар сытыы [Куйааннаах куо мэтэрис Кыыс диэн буолар!]
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Иссык-Куль" [теплоход], маҥан солко былаачыйатын дохсун баал сиигирдэриттэн сэрэммит курдук тумна соҕус туттан, дьороһуйан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини хараҕар Лиза кыыс дьороһуйан, киэҥ саала ортотунан хаампыта көстөр курдук
    А. Сыромятникова

«ДЬ» буукуба