Перевод с якутского
дьоһуннук
дьоһуннаахтык диэн курдук. Харалдьыкка туруйа Дуодалдьыйда дьоһуннук, Саас кэлбитин хоһуйан Лоҥкунаата чуор-чуордук. И. Гоголев Чаҕыл Иванович, бу ытык кырдьаҕас бэйэтин толуу сэбэрэтигэр дьүөрэлээхтик, дьоһуннук, лоп бааччы саҥарарын истэ-истэ, кинини бэйэтин эһэтэ оҕонньорго маарынната санаата. С. Никифоров Сахалыы сис туттан таатаҥнаан, Наҕыллык хаамабын, Бытааннык, дьоһуннук хардыылаан Кытылга барабын. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Кини, куолутунан, сүр дьоһуннук туттан сылдьар, кимиэхэ барытыгар бэйэтин санаатын туруору, булгуччу этэр. Л. Толстой (тылб.)