Перевод с якутского
дьукку
сыһыат
Нууччалыы так, чтобы содрать, повредить верхнюю наружную часть чего-л
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
Дьон икки аҥыы силэллэн биэртэрэ, биир уол иҥнэн охтон, сирэйин дьукку түспүтэ. Бэс Дьарааһын. [Ньуукаан] кэккэлэһэ чугас турар, аҕыйах от бытыгыраан көстөр, тыал хаарын дьукку охсубут томторугар батыччахтаан тиийдэ. В. Протодьяконов Уйбаачаан уһун айаҥҥа ыҥыырга буутун көп этин дьукку аалларан, бэйэтэ да киҥэ-наара холло сылдьар. С. Курилов (тылб.)
2 #
Туох эмэ тас өттүн, үрүт араҥатын хастыы бааһырдан, алдьатан
Нууччалыы Так, чтобы содрать, повредить верхнюю наружную часть чего-л
3 #
Эттик ньууруттан тугу эмэ биир хамсаныынан ньылбы, халты, ыраастык (сот, ас)
Нууччалыы Резко, одним разом, не оставляя ничего (стереть, смыть, очистить с поверхности чего-л.)
Куормаҕа олорон иһэр Виктор диэн уолу сүүрүк дьукку сотон барбыт.
Суорун ОмоллоонТэстэ сылдьар тумустаах Дьэс-алтан сылабаарын Күллээх тарга дьукку анньан, Күлүмүрдэс оҥордо. Күннүк Уурастыырап Бүрүүкэтигэр ытырыык эрбэһин туорахтара хатаммытын ытыһынан дьукку аста. А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
[Уол] чанчыгын саҕатыттан бычыгыраабыт көлөһүнүн илбирийбит бүлгүннэринэн дьукку соттон кэбистэ Эрилик Эристиин
4 #
Адьаһын, олох, ыыра, кими-тугу да ордорбокко барытын
Нууччалыы Совсем, совершенно, не оставляя никого, ничего; начисто
Туһааннаах доҕоччугум, Тутума миигин дьукку, Чупчуруйдаан обургулуун Туруулаһыа Чурумчуку. Эллэй. Доҕоттоор, үөрүҥ, киэн туттуҥ дьукку барыгыт сэбиэскэй киһи үрдүк аатын сүгэ сылдьаргытынан!
Суорун ОмоллоонЭппиппин толорботоххутуна дьукку барыгытын балыыһаҕа киллэрэн, бараахха олордон эмтиэм диэбит. Болот Боотур "Оо, мин сүрэҕим туора киһи санаатын дьукку таайыгаһа суох", – кыыс тэбэнэттээхтик төбөтүн хамсатта, уоһун ньимитэн мичээрдээтэ В. Протодьяконов
5 #
түөлбэ. Хайаан да, туох да тутулуга суох
Нууччалыы Беспрекословно, обязательно, во что бы то ни стало
Отчуоккун дьукку баар гын