ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьураа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы длинная узкая полоса, черта, выделяющаяся на общем цветовом фоне предмета

English line

1 аат тыл #

Эттик уопсай өҥүттэн уратыланан көстөр уһун синньигэс сурааһын, балаһа

Нууччалыы Длинная узкая полоса, черта, выделяющаяся на общем цветовом фоне предмета

  • Хоруоп сииктэрин хара ыаһынан ыаһаабыттара – уһун дьураа буолан көстөллөр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сарсыарда, ырыых-ыраах муора уута халлааны кытта силбэһэргэ дылы. Онно аан бастаан быһах өнчөҕүн курдук сырдык дьураа көстөр.
    Н. Якутскай
  • Күн киирэн эрэрэ, тиһэх сардаҥалара улахан кытархай дьураа буолан субуллубуттара
    В. Протодьяконов

2 аат тыл #

Туох эрэ дэхси ньууругар уһаты мырчыстаҕастар, суолахтар, хайа барыылар

Нууччалыы Продольная борозда, желобок, трещина на ровной поверхности

  • Сүүһүн дьурааларыгар кыракый көлөһүн таммахтара бытыгыраан таҕыстылар. Софр. Данилов. Хайа дьурааларынан хаар аллара сыҕаллан субуруйан түһүтэлээбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Билигин түспүт ардахтан суол хара дьураа буолан субуллар
    М. Доҕордуурап
  • Хамныыр эрэ Хайгыы көрөр Хара дьураа хаастаах.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (3)
  • Прожектордар халлааны харбыалыыллара түргэтээтэ, саҥаттан саҥа сырдык дьураа уоттар өрүтэ сулудуһан тахсаллара хойунна.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күөгүһүттэр] сотору-сотору үрүҥ көмүс хатырыктаах кыһыл харахтары, мору мотоҕор дьураа ойуулаах алыһардары илигирэтэн таһаараллара.
    И. Федосеев
  • П. -монг. дьураҕа

3 даҕааһын #

суолт. Эттик уопсай өҥүттэн уратыланан көстөр уһун синньигэс сурааһыннаах, балаһалаах

Нууччалыы Имеющий длинную узкую полосу, черту, выделяющуюся на общем цветовом фоне предмета

«ДЬ» буукуба