Перевод с якутского
дьууһуна
аат тыл
Нууччалыы дюжина
English dozen
1 аат тыл #
Нууччалыы дюжина
English dozen
2 аат тыл #
ахс. аат. Биир көрүҥнээх, атылыы уон икки предмет ахсаанын аата
Нууччалыы Дюжина. Солко [киһи хос аата] оргууй баран ааҕан көрдө: уон икки тииҥ – биир дьууһуна! Н. Заболоцкай. "Үтүө айылаахтар дьууһуна унтуулаахтар дии. Хап-хара, хаар маҥан, сиэдэрэй сиэрэй, элэмэс эҥин", – Бурҕаачай Боскуо бокуойа суох, хоһоону ааҕан эрэр курдук субурутта. В. Протодьяконов. Дьабадьы [киһи хос аата] куорат атыыһытыттан биир дьууһуна үрүҥ көмүс ньуосканы атыылаһан аҕалыахтаах. Саха сэһ. I