Перевод с якутского
дьыала
аат тыл
Нууччалыы дело; тема
English matter, topic (of discussion, cf.
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Нууччалыы дело; тема
English matter, topic (of discussion, cf. Latin res)
дьыалата суох ничего, не беда, не переживайno matter, no worries, take it easy, hakuna matata
2 аат тыл #
Ханнык эмэ тэрилтэ эбэтэр биирдиилээн да киһи араас докумуоннардаах паапкалара биитэр докумуоннар хомуллан ууруллубуттара
Нууччалыы Собрание документов, относящихся к какому-л. учреждению, организации или отдельному факту или лицу
Кини, үөрэхтээх курдук, хантан эрэ хасыһан, былыргы туос биэдэмэс саҕанааҕы дьыаланы булан ылбыта. Күннүк Уурастыырап Куруһуок мунньаҕын боротокуолун үксүн кини суруйара итиэннэ дьыалатын бүтүннүү тутара, харайара В. Протодьяконов Буруйдааһыны чуолкайдыырга, быһаарарга наадалаах докумуон эбэтэр докумуоннар. Θ Документ или документы для официального рассмотрения и решения какого-л. серьезного проступка. Биир били дьыалаларын оҥорон биэрбит эдэр суруксуппут үп-үчүгэйдик кинилэр [Балбааралаах] диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ: "Эһиги баттанан бачча дойдуга кэлэ сылдьар дьону аанньа ахтан дьыалаларын көрбөккүт", – диэн мөккүһэ сатаабытын кулубалар саба саҥаран кээстэрэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Макаар бэрэссэдээтэл буолла. Сиидэрэптэр, Малыыкааннар дьыалалара сэлиэдэбэтэлгэ атаарылынна
Күндэ
3 аат тыл #
Уопсастыбаҕа, киһиэхэ туһалаах үлэ-хамнас, дьарык
Нууччалыы Полезный труд, работа, деятельность
Тыл дьыалаттан арахсыбат (өс ном.). Тылыгар толорор, дьыалатыгар олорор (өс ном.). Биригэдьиир Слепцов холкуостаахтар ааттарыттан хомсомуол райкомугар үтүө дьыаланы тэрийбитин иһин, махталын биллэрдэ В. Яковлев
4 аат тыл #
Холуобунай буруй, буруйу оҥорон суукка түбэһии; буруйдааһын, үҥсүү
Нууччалыы Уголовное дело, проступок, преступление; обвинение, жалобы
Сарсыныгар борогууллаата, цензурнайа суох тылынан үөхтэ, кырбыы сыста диэн миэхэ дьыала тэрийэллэр. Софр. Данилов. Оттон Коган-Бернштейн диэн сыылынай ол Неустроевы кытта Петербург университетыгар бииргэ үөрэнэ сылдьан биир дьыалаҕа түбэспиттээхтэрин улаханнык долгуйан туран ахтыбыт. П. Филиппов Гражданскай уонна холуобунай дьыалалары бары сууттарга көрүү коллегиальнайдык, маҥнайгы сүһүөх сууттарга народнай сэтээтэллэр кыттыыларынан олоххо киллэриллэр. САССР К
5 аат тыл #
Быһаарыллыахтаах балаһыанньа, боппуруос
Нууччалыы Положение, требующее разрешения, проблема
Директор Федор Васильевич, кырдьыга, үөрэх дьыалатыгар соччо орооспот, завхоз үлэтин эрэ толорор быһыылаах. Софр. Данилов. Ол икки ардыгар остуорас оҕонньор, дьыаланы быһаартарбыт киһи быһыытынан, астынан, хаптаһынын кыбыммытынан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, туора хаампытынан барда. Амма Аччыгыйа – Дабаай, дьыала сүнньүнэн кэпсэтиэх. Туох нааданый эһиэхэ биһигиттэн? В. Яковлев Ким-туох эмэ туруга, балаһыанньата. Θ Положение, вещей, обстоятельство, ситуация. Сибииргэ Колчак дьыалата мөлтөөн эрэрин туһунан үһүйээннэр саха улуустарыгар иһиллитэлиир этилэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Баайдар манна эрэ чуолкайдык бэйэлэрин дьыалалара куһаҕан буолбутун билиммиттэрэ Эрилик Эристиин
6 аат тыл #
Сабыытыйа, түбэлтэ, түгэн
Нууччалыы Событие, происшествие, случай. – Дьэ, дьыалалар этилэр дии, – диэтэ кини уонна, сапсыйан кэбиһээт, таҥнаары, антах диэки эргилиннэ
Ол [киэһэ кыргыттарга ыалдьыттыылларын] туһунан Миша билэн кэлэн, улахан кистэлэҥнээх дьыаланы этэрдии Сережаны көрүдүөргэ ыҥыран таһааран сибигинэйэн эппитэ.
Н. ЛугиновЭн ийэлээх аҕаҕын кытары бурастыҥ, мин ойохпун кытары бурастым... Дьэ дьыалалар
Күндэ
7 аат тыл #
Идэ, билии-көрүү
Нууччалыы Специальность, профессия, область знаний и навыков
Өксүү букатын кыра эрдэҕиттэн истээх таҥаһы тигэргэ үөрүйэх буолан, итии сэлиэччик, бэргэһэ тигиитин сатыыр ахан дьыалата буолан биэрбитэ. Н. Заболоцкай [Петя:] Мин эмиэ эн курдук толкуйдуур этим, холкуоска тахсан тугу үлэлиэмий диэн. Ол иһин тыраахтар уонна аптамабыыл дьыалатын үөрэттим. С. Ефремов Саха уола куһаҕан сааһыт дуо? Саха уола сэрии дьыалатын куһаҕаннык билэр дуо? Суох! Т. Сметанин
8 аат тыл #
Кыһалҕа; сорук, наадыйыы
Нууччалыы Нужда, надобность
Оттон дьиҥ дьыалата тирээтэҕинэ, учуутал учууталын хаһан да түһэн биэрбэт. Софр. Данилов. Бу эйигин, уолум курдук саныыр киһибин, көрөн астынным. Биир дьыалам онон бүтэр. С. Ефремов Табаарыс, мин бэрт улахан тиэтэл дьыалаҕа муҥ түргэнинэн иһэр киһибин.
КүндэЧэ, баҕар, эн бэйэҥ оҕолоргун букатын да үөрэттэримэ. Ол мин дьыалам буолбатах С. Ефремов
Өссө холобурдар (3)
Тустаах эрэ киһи быһаарар суола. Θ Обстоятельство, разрешаемое только заинтересованным лицом. Эрдии-ойохтуу дьон дьыалатыгар, туора киһи, мин кыбытта сылдьарым сатаныа дуо? А. Софронов Төрөппүт оҕобун кытта хайдах баҕарар кэпсэтэрим мин дьыалам. С. Ефремов Мин, баҕар, олох да [эргэ] барыам суоҕа. "Тоҕо?" диэн, ол -- мин дьыалам М. Доҕордуурап
9 аат тыл #
Биир туспа кимиэхэ эмэ ураты суолталаах туох эмэ, көстүү (хол., кини үлүһүйэр дьарыга)
Нууччалыы Какое-л. знаменательное явление, событие (или интересное занятие), имеющее особое значение для кого-л
Кырдьыы диэн ынырык дьыала ээ. Кэлиэ турдаҕа. Туруо дуо, ханна эрэ ыраах истэҕэ. Онтон төһө да эдэримсийэн куоппаккын.
Н. ЛугиновКини уһулуччу ис сүрэҕиттэн таптаабыт дьыалата булт. Ол туһугар кини дьоҕурун, бэл, хотугу булчуттар бэйэлэрэ билинэллэр Н. Заболоцкай Көстүү. Θ Явление, факт. Биһиэхэ, үлэ-чиэс, хайҕал уонна дьоруойдааһын дьыалата буолбут дойдутугар, сүүһүнэн араас идэлэр бааллар. Софр. Данилов. Билигин тыаҕа тахсар, кырдьык, муодунай дьыала буолан турар С. Ефремов
10 этии #
Нууччалыы Понести ответственность за содеянное, проступок, преступление; быть обвиненным в чем-л
Этиилэр
Дьыалаҕа түбэстэ (иҥиннэ, тигистэ)
буруйу оҥорон, сууттанар буолла, эппиэккэ тардылынна, сууттанан хаайылынна Кыра, тулаайах оҕо, мэник буолан, бассабыык дьыалатыгар иҥнэн, хааллыбыт.
Сыҕарымыҥ уоруу дьыалатыгар түбэһэн, сылын боруостаан баран, быйыл саас бар дьонугар эргиллэн кэлэн, холкуоска киирбитэ. М. Доҕордуурап Кырдьыктаах, сөптөөх суолга киһи дьыалаҕа иҥнибэт. А. Федоров
Дьыалаҕа уурбат
улахан буолбатах дии санаан бөрүкү кыһаммат, ситэ сыаналаабат, аанньа ахтыбат.
Не обращать должного внимания, не придавать значения, не считать серьезным делом.
Атаҕын өлөрбүтүн маҥнай дьыалаҕа уурбатаҕа. Сэмэлэммитин төрүт да дьыалаҕа уурбат киһи буолла.
Дьыалата табылынна
санаабытын ситтэ, үчүгэй буолла.
Достичь желаемого, оказаться на высоте, в хорошем положении.
Өндөрөй оҕонньордоох дьыалалара табыллан, арыыйда сэргэхсийэн олороллор.
П. ОйуунускайБэйэм да киирэн биэрэн иһээхтиибин. Дьэ, ити дьыалата табыллыбатаҕын Ваняҕа мин тоҕо эттим? Онон киниэхэ тугу туһалаатым? Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Үчүгэйдик бардахтарына сарсын киэһэ тиийэллэр. Оччоҕо дьыала табыллыа этэ. С. Ефремов
Дьыалата хаахтыйбыт
балаһыанньата куһаҕан буолбут, мөлтөөбүт, табыллыбатах.
Плохи дела (серьезное ухудшение состояния дела).
Ваня кулгааҕар кэлэн дьыала хаахтыйбытын туһунан сибигинэйбиппэр, махтаныан билиминэ, кыыһыран кэбиһээхтээтэ. Амма Аччыгыйа Эн биһигини булбатаҕыҥ буоллар, биһиги дьыалабыт хаахтыйыа эбит. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ ити курдук бырыһыаннааһын дьыалата хаахтыйан турар – бырыһыанньыттар холуобунай сокуон быһыытынан буруйданар буолбуттара. А. Бэрияк
11 этии #
Нууччалыы Лицо, ведущее канцелярские дела учреждения; делопроизводитель
Этиилэр
Дьыала бэрийээччи
тэрилтэ кэнсэлээрийэтин дьыалатын, докумуоннарын көрөр, дьаһайар киһи Кини хомсомуол күбүөрүнэтээҕи бүрүөтүгэр дьыала бэрийээччинэн киирбитэ.
ПНИ ОСОТ. Дьыала бэрийээччи хоһун аанын нөҥүө бэчээттиир массыыналар тобугурас бүтэй тыастара иһиллэр. Н. Островскай (тылб.)