Перевод с якутского
дьэдьэн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы земляника, ее ягоды
1 аат тыл #
Сиринэн сыыллан үүнэр кускуур курдук умнастаах, умнаһын төбөтүгэр маҥан сибэккилэрдээх, дыргыл сыттаах олус минньигэс отонноох элбэх сыллаах от үүнээйи. Бу үүнээйи отоно
Нууччалыы Земляника, ее ягоды
Киэһэ маамалара Муся хомуйбут дьэдьэниттэн барыанньа буһарбыта.
Суорун Омоллоон(Остуолга тардыаҕыҥ) Көбүөрдээх дьэдьэни, күһүҥҥү суораты. С. Васильев Этиҥ этэрэ, Ардах түһэрэ, Кэйэ, тэтэрэ Дьэдьэн үүнэрэ – Олус да кэрэ! Күннүк Уурастыырап
2 даҕааһын #
суолт. Дьэдьэн курдук тэтэркэй, кыһыл (өҥнөөх)
Нууччалыы Земляничного цвета, румяный
Манна ыанньыксыт кыргыттар -- Хап-хара хамсыыр хаастаахтар, Тэтэркэй дьэдьэн имнээхтэр С. Данилов
3 этии #
Нууччалыы Земляничный куст. [Бурдук сирин] тулата – сандаар хатыҥ, Отун быыһа – дьэдьэн уга
Этиилэр
Дьэдьэн уга
дьэдьэн үүнэр ото Күннүк Уурастыырап.
Ып-ыраас салгыннаах Ыркый ойуурга таҕыстым. Дьэдьэн уга тулалаах Дьиэллигэс ортотугар тохтоотум. С. Васильев Чыычаах өс киирбэх -- дьэдьэн угар ойоҕоһунан сытта. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Бур. зедегене