Перевод с якутского
дьэллик
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы бездомный, бесхозный, бродячий
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Дьиэтэ-уота, иччитэ суох; мэнээк сылдьар
Нууччалыы Бездомный, бесхозный, бродячий
Улуу кыыл охсуук, дьэллик кыыл тэбиик. (тааб.: сохсо (килэпси)). Дьиэтэ-уота суох Дьэллик киһи курдук, Дэлби мунчаардым. В. Гольдеров Мин тымырдарбар оннук дьэллик [ыраах сирдэринэн тэлэһийэр] хаан сүүрүгүрэр быһыылааҕа. ХС Сааскы мэник, дьэллик тыаллар Ханна эрэ саспыттар Чэчир-80
2 даҕааһын #
Сүүрэлэс, онно суоҕунан көрбүт (харах)
Нууччалыы Бегающие, бездумные, без выражения (глаза)
Долохов, арааһа, өссө да элэктии түһээри, -- кырасыабай, дьэллик харахтарынан кини диэки чаҕылыччы көрдө. Л. Толстой (тылб.) Ити дьиэҕэ баппатах дьэллик, ити аартыкка баппатах акаары эйигин атаҕастаата.
П. ОйуунускайМин курдук дьэлликтэр, быралгылар, хаамаайылар, устугастар, нуучча даҕаны, саха даҕаны элбэх этибит. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Дьэ түөкүн хаххан, дьэллик дьэллигэ тардан, албыннаабыт буоллаҕа. Саха ост. I
3 даҕааһын #
Дойдута, сирэ суох
Нууччалыы Без родины, без отчизны
Киһи эрэ дойдулаах буолбат, Диэхтээҕим. Ким – күрдьүктээх... Дьиҥнээхтик Дьонугар долгуйбат Дьэллик ыт курдук көстүөхтээх С. Тарасов Саха нар. ыр. I. Кыра да буоллар, кырыктанна бу ытыҥ – Биллэ көҥүл-босхо, дьэллик барбытын Л. Попов
4 аат тыл #
суолт. Дьиэтэ-уота, иччитэ суох; мэнээк сылдьар, тэлэһийэр, дьиэҕэ тохтуурун сөбүлээбэт, кэриимниирин таптыыр киһи, сүөһү
Нууччалыы Человек или животное, не имеющие жилья, приюта, хозяина (иногда и имея), ведущие бродячий образ жизни, бродяга, непоседа
5 сыһыат #
суолт. Дьиэтэ-уота, иччитэ суох, көҥүл-босхо (бар, сырыт)
Нууччалыы Бездомно, без хозяина; как бродяга (жить, обитать). [Күһүнүн тиийэн] Көҥүл барбыт күрүөлэннэ, Хаҥыл барбыт хаһааланна, Дьэллик барбыт кыбыыланна
6 этии #
Нууччалыы Служит для усиления яркости игры названных красок. [Бухатыыр дьахтардаах] Чэлгиэннээх киэҥ Дьэллик маҥан Тэлгэһэтин иһигэр Илэ бааччы Дибдитэн киирэн кэллилэр
Этиилэр
Дьэллик маҥан (элэмэс)
ыйыллыбыт өҥү ордук чаҕылхай, сандаархай уонна хамсыыр-имсиир оҥорор Күннүк Уурастыырап.
[Куралай Кустук] Субу баран иһэн сирин ортолуута дьэллик элэмэс табалаах киһини көрсө түстэ. Д. Апросимов
Дьэллик чолбон
дьэллэҥэ былыргы аата (сүтэ-сүтэ киэһэ сарсыарда баар буолар чолбон).
Старинное якутское название Венеры (исчезающая и появляющаяся утром и вечером звезда, "блуждающая" звезда).
Көтөр дьэллик буол
куруук көтө сылдьар буол.
Постоянно летающий (с места на место).
Суор онтон бэттэх абатыттан хааҕыргыы-хааҕыргыы көтөр дьэллик буолбут. И. Егоров Ср. тув. черлик, челлик ‘дакий’